Индия уонна Хотугу Кавказ киинэлэрин көрүөххэ сөп
Көрөөччүлэр Индия тутулуга суох кинематографиятын уонна Хотугу Кавказ саҥа көлүөнэ режиссердарын үлэлэрин кытта билсиэхтэрин сөп.
«Фокус: Индия» бырагыраамаҕа түөрт хартыына киирдэ:
Сэтинньи 5 күнэ, 18:30 ч. («Синема-Киин») — «The Unbroken / Adamya». Киинэни бэстибээл бырагырааматын дириэктэрэ Сергей Анашкин бэйэтэ билиһиннэриэҕэ.
Сэтинньи 6 күнэ, 13:20 ч. («Синема-Киин») — «Members of the Problematic Family».
Сэтинньи 7 күнэ, 12:00 ч. («Киин» киинэ тыйаатыра) — «Don’t Tell Mother».
Сэтинньи 7 күнэ, 17:00 ч. («Синема-Киин») — «Romantic Affairs».
Бырагыраамаҕа Индия соҕуруу (Карнатака уонна Тамилнад) уонна илин (Ассам, Арҕаа Бенгалия) штаттарыгар уһуллубут киинэлэр киирдилэр. Ол иһигэр Джаркханд штатыттан адиваси норуотун төрүт култууратын уонна искусственнай өй-санаа (ИИ) алтыһыыларын туһунан ураты киинэ баар.
***
Хотугу Кавказ аныгы ааптарскай киинэтин бырагырааматыгар «Тембот» уонна «Узлы» диэн хартыыналар киирдилэр. Иккиэн «Киин» («Центральный») киинэ тыйаатырыгар көстүөхтэрэ:
Сэтинньи 6 күнүгэр 15:40 ч. – “Тембот”.
Сэтинньи 7 күнүгэр 11:00 ч. – «Узлы».
Манна көрөөччүлэр Александр Сокуров режиссерскай мастарыскыайын бүтэрбит Тина Мастафова уонна Олег Хамоков толору метражтаах бастакы киинэлэрин (дебюттарын) көрүөхтэрэ.
***
Анал бырагыраамалар IX Дьокуускайдааҕы бэстибээл сүрүн куонкуруһун ситэриэхтэрэ. Сүрүн куонкуруска Арассыыйаттан уонна тас дойдулартан 11 толору метражтаах киинэ киирдэ.