02.02.2026 | 15:24 | Просмотров: 167

Иммунитеты бөҕөргөтөр судургу ньыма

Мантан саас сылыйыа, ону кытта тумуу, дьаҥ туруо. Онуоха иммунитеппытын эрдэттэн бөҕөргөтөр туһунан толкуйдуохха. Бу сырыыга судургу ырысыабы үллэстэбит.
Иммунитеты бөҕөргөтөр судургу ньыма
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Эһиэхэ наада:

Курага – 100 г

Чернослив – 100 г

Изюм – 100 г

Эриэхэ – 100 г

Мүөт (убаҕас) – 200 г

Лимон – 1 уст.

Бэлэмнээһинэ:

Кураганы, черносливы уонна изюму сууйабыт, куурдабыт. Лимону уҥуоҕун ылан баран, хаҕын кытта бытархай гына кырбыыбыт. Эриэхэни эмиэ оннук гынабыт. Барытын иһиккэ кутан булкуйабыт. Онтон ыраас бааҥкаҕа көһөрөн баран, үрдүгэр мүөтү саба кутабыт. Биир-икки күн холодильникка туруорабыт. Иммунитеты бөҕөргөтөр бэртээхэй былааһык буолар. Күҥҥэ биирдии ост. ньуосканы иһэ сырыттахха, тумуу тумнар, ыарыы ыалласпат.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.