22.10.2026 | 08:23 | Просмотров: 67

“Имана” анимационнай киинэ тахсыаҕа

Толору киинэ быһыытынан уһуллубут ойуулук сахалыы тылынан буолуоҕа.
“Имана” анимационнай киинэ тахсыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: "Тооку"
Бөлөххө киир

Ойуулугу “Саха” НКИХ “Тооку” телеханаала оҥорор. Сценарист Гордей Спиридонов “Северная фея” диэн айымньытынан уһуллар. Киинэҕэ Имана үөскээбит историятын, сериал буолбут ойуулук атын дьоруойдарын уруккуларын көрдөрүөхтэрэ.

Сюжетынан Гулун диэн ааттаах кыысчаан баҕа санаатын толороро соһуччу түгэннэргэ тиэрдэр. Хотугу аптаах Имана киниэхэ дьиэтигэр төннөрүгэр көмөлөһөргө сананар. Дьоруойдар араас аптаах дойдуларга ыалдьыттыыллар, мүччүргэннээх сырыыланаллар.

Режиссер – Ирина Соловьева, сценарист — Гордей Спиридонов. Сүрүн дьоруойдары Нарыйаана Антипина (Имана) уонна Дайаана Матвеева (Гулун) саҥардаллар. Музыканан доҕуһуолу Семен Ченянов оҥорор.

Санатан эттэххэ, «Тооку» телеханаал өссө биир бырайыага — «Тооку уонна Чысхаан» ойуулук VIII «ТЭФИ-KIDS» Арассыыйатааҕы бириэмийэ финалиһа буолбута уонна “Бастыҥ анимационнай киинэ”  номинацияҕа күрэхтэһэ сылдьар. Кыайыылаахтары Москваҕа алтынньы 26 күнүгэр биллэриэхтээхтэр.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.