Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын кэнниттэн санаа.
Кэлэр сыллааҕы уонна онтон кэлэр 2028-2029 сыллааҕы кэми учуоттаан оҥоһуллубут бүддьүөт барылын дьокутааттар алтынньы 21 күнүгэр билсэн, дьүүллэһэр баран, эбии этиилэрин учуоттууру туруорсан туран, бастакы ааҕыыга ылыммыттара. Ол туһунан сырдатан турабыт. Ону тэҥэ быйылгы сыл 9 ыйынааҕы туруганан бүддьүөт туолуутун уонна да атын социальнай-экэнэмиичэскэй хайысхаҕа сыһыаннаах боппуруостары көрбүттэрэ. Бэбиэскэҕэ 50 боппуруос киирбит этэ.
Норуот итэҕэллээхтэрин туох хайа иннинэ тыын суолталаах хайысхалар – көтөр аалларынан субсидиялаах көтүү, тутаах хайысхалары үбүлээһин, Арктика оройуоннарын кыһалҕалара уо.д.а. долгуталлар. Бүддьүөт барылыгар сыһыаннаах эбии киллэрилэри этиилэри сэтинньи 15 күнүгэр диэри киллэрэргэ суоттаналлар. Үп министиэристибэтэ, олохтоох бырабыыталыстыба үп-харчы иккис ааҕыыга эбии көрүллүө диэн, уоскуталлар. Биллэн турар, оннук быраактыка үгүс сылларга туттуллан кэллэ. Бастааҥҥы суума эбиллэр улаатар үгэстээх. Бу сырыыга, дьэ, хайаһар?
Дьокутааттар бу манньахха улуустар икка ардыларыгар эрэ буолбакка, хотугу улуустар истэригэр көтөр сөмөлүөккэ субсидияны салгыы туруорустулар. Дойду үрдүнэн демографическай балаһыанньаны тупсарыы соруга биир тыын суолталаах хайысхаҕа киирсэр. Ол кэмҥэ ийэ буоларга санаммыт хоту сир олохтоохторо дьахталлар скринини ааһар кыһалҕаттан бэйэлэрин суоттарыгар хаста да кырынарга күһэллэллэр. Куоракка кэлэн оҕолонуохтаахтара ирдэнэр. Харчыта суох дьахтар оччотугар доруобуйатын туругун ситэ көрдөрүммэтигэр, онтон сылтаан оҕо-уруу тэнитиэн баҕата биллэ уостарыгар тиийэр. Арктика, хоту сир улуустарыгар, бэл, сорох улуустарга эмиэ, эмчит тиийбэтэ – кистэл буолбатах. Ити кыһалҕаны быһаараары куораттан Арктика улуустарыгар мобильнай десаннар тиийэн үлэлииллэрэ кэрэхсэбиллээх. Бу биригээдэлэри илдьэр-аҕалар бөртөлүөттэри таарыйа дьону аҕалыыга туһанар кыах баар да, дьиҥ олоххо туттуллубат быһыылаах? Тоҕо диэтэххэ, ол бөртөлүөттэри туһаныахха диэн этии эмиэ иһилиннэ.
Билигин сүөһү-сылгы ииттэр баҕалаах, олохтоох аһы-үөлү бэлэмнээччи олус элбэҕэ суох. Ол кэмҥэ халаан уута мэһэйдээн, Үөһээ Дьааҥы улууһа кыстыгы туоруур оту булууга улаханнык кыһалҕаланыан сөбө долгутар. Чопчута, от хаһаастаах улуустарга оту тиэрдиигэ үп наада. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ити сыалга 55 мөл. солк. туһанарга суоттанар. Туһааннаах улуус, нэһилиэктэр чахчыларынан, 1100 т от тиэрдилиннэҕинэ эрэ, сүөһү кыстыга этэҥҥэ ааһар кыахтаах эбит. Ол туһунан дьокутааттар эмиэ кэпсэттилэр.
Үрдүкү салалта эһиилги бүддьүөккэ тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар көрүллэр үбүлээһин былырыыҥҥыттан кыччыа суохтаах диирэ иһиллэр. Кыччаабатын таһынан, дьиҥэ, уот, уматык, оттук, тиэхиньикэ, араас оҥоһуллар өҥөлөр тарыыптара күннэтэ үрдүү турар кэмнэригэр, муҥар, инфляция саҕа үрдээһин былааннаммата сөхтөрөр. Төһө да уустук кэм турбутун иһин, төрүт салааны өйүүр эбээһинэс хайдахтаах да кэмҥэ сүтүө, симэлийиэ суохтаах эбээт. Тыа хаһаайыстыбатын салаата төрүт олохтоох нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар, дохуот аахсан килиэптэнэригэр эрэ туһалаах буолбатах. Бүттүүн омук доруобуйата чөл, туруктаах буолуутугар быһаччы оруоллаах. Дойду ас-үөл өттүнэн көмүскэллээх, аһынан толору хааччынар кыахтаныытыгар киллэрэр оруолун, суолтатын итиннэ эбэҕин.
Бастакы ааҕыы төһө да бигэргэннэр, социальнай өйөбүлгэ, муниципальнай бүддьүөттэргэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, култуураҕа уонна Арктика субсидияланыахтаах авиа-көтүүлэригэр үбүлээһин ситэтэ суоҕун бэлиэтээтилэр.
СӨ Ааҕар-суоттуур палаататын суоттабылынан, аҥаардас оройуоннарга бэриллиэхтээх бүддьүөт икки ардыларынааҕы трансферга 1,7–1,8 млрд солк. тиийбэт эбит. Оттон социальнай өйөбүлгэ билигин да 2,77 млрд солк. наада. Кэлэр сессияҕа ОМС бүддьүөтүн көрүөхтэрэ.
Манна даҕатан эттэххэ, мэдиссиинэ булгуччулаах страховкатын туһанааччы ахсаана аҕыйаабыт диэн, дьикти иһитиннэриитэ эрдэ иһиллэн ааспыта. Ол төһө оруннааҕын ол мунньахха лаппыйан этэр инилэр.
Бу ааспыт пленарнай мунньахха, төһө да спикер кыра оҕо курдук сэмэчээнньэлээтэр (тыын суолталаах кэпсэтиини истибэккэ күлэ олорбут диэн) , дьокутааттар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан Николай Бочков ананыытын бигэргэттилэр. Ону таһынан мөрөбүөй судьуйалар кандидатуралара бигэргэннэ. Дьокутааттар 9 бырабыыталыстыбаннай чааһы, 15 төгүрүк остуолу ыытары былааннаатылар.
Норуот дьокутааттарын кэлэр пленарнай мунньахтара сэтинньи 25-26 күннэригэр буолар.