20.10.2026 | 11:34 | Просмотров: 114

Ил Түмэн дьокутааттара көрсүһүүгэ ыҥыраллар

Чопчута, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччылара уонна бастайааннай кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрин кытта сирэй көрсөн олорон кэпсэтэр тоҕооһу мүлчү тутумаҥ.
Ил Түмэн дьокутааттара көрсүһүүгэ ыҥыраллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын  бэрэссэдээтэлин 2026 сыл от ыйын 6 күнүнээҕи 85 №-дээх дьаһалыгар олоҕуран, норуот итэҕэллээхтэрэ быыбардааччыларын кытары атах тэпсэн олорон көрсүһэр күннэрин анал кыраапыга бигэргэммит.  Сэтинньи ыйтан саҕаланар, ханнык дьокутааты көрсүөххүтүн баҕараргытын мантан аллара билсэн баран, эрдэттэн сурутаргытыгар ыҥырабыт.

Сэтинньи 5 күнүгэр  –  Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Александр Жирков,  Үөрэх, билим кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева, доруобуйа харыстабылын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Давыдова, Хотугу төрүт аҕыйах ахсааннаах омуктар дьыалаларыгар уонна Арктика боппуруостарыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева эһигин көрсөргө бэлэмнэр.

Сэтинньи 11 күнүгэр – Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, байыаннай сулууспалаахтарын, байыаннай дьыала бэтэрээннэрин, патриотическай иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ  Александр Подголов.

Сэтинньи 12 күнүгэр – Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, судаарыстыбаннай тутууга уонна сокуоннары таһаарыыга кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров, Экэниэмикэ, инвестиция уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров, олохтоох бэйэни салайыныы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев көрсүөхтэрэ.

Бу ааттаммыт дьокутааттары кытта сирэй көрсөн олорон кэпсэтэр баҕалаах, этиилээх түгэҥҥитигэр Дьокуускай куорат, Ярославскай уул., 24/1 дьиэтигэр үлэлиир Ил Түмэн Уопсастыбаннай приемнайыгар эбэтэр дьиэттэн тахсыбакка олорон,  https://www.iltumen.ru/reception интэриниэт -приемнай нөҥүө эрдэттэн суруйтарыаххытын наада.

Онно бэйэ туһунан сибидиэньэни, этэр этиигит, туруорсуугут биитэр көрдөһүүгүт ис хоһоонун суруйан, көҥүл халыыбынан  сайабылыанньа суруйуоххутун сөп. Сиһилии иһитиннэриини бу нүөмэргэ эрийэн чопчулаһаргытыгар сүбэлиибит: 8 (4112) 43-53-74.

Көрсүһүүгэ кэлиэх иннинэ хайаан да эрдэттэн суруйтарыы  наадатын өссө төгүл лаппыйан бэлиэтиибит. Көрсүһүүгэ паспоргытын илдьэ кэлэҕит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп