Ил Дархаҥҥа ыйытыыта биэр
«Саха НКИХ», «Якутия 24», «Россия 24» көрүөххүтүн, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» истиэххитин, ону тэҥэ Айсен Николаев социальнай ситимнэригэр суруйуоххутун сөп.
Күн бүгүн 100-тэн тахса ыйытыы киирбит. Олохтоохтору саамай долгутар кыһалҕаларынан социальнай көмө уонна үлэ, суол уонна тырааныспар, хаарбах дьиэттэн көһөрүү, ОДьКХ уонна энергетика, доруобуйа харыстабыла, үөрэхтээһин уонна тыа хаһаайыстыбата буолаллар. Саамай көхтөөхтөр – Дьокуускай, Алдан, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн, Томпо, Үөһээ Бүлүү, Аллараа Халыма уонна Сунтаар улууһун олохтоохторо.
Ыйытыыны эрдэттэн 8 (4112) 506-006 нүөмэргэ эрийэн (колл-киин 9:00-18:00 чааска диэри үлэлиир), эбэтэр суукканы эргиччи Саха сиринээҕи ЦУР чат-ботун MAX нөҥүө биэриэххитин сөп: @voprosglaveyakutii_bot.