15.04.2026 | 16:00 | Просмотров: 128

Иккистээн ыал буолууну судургу оҥорорго этии киллэрэллэр

Арассыыйаҕа, дьиэ кэргэн сыаннастарын уонна демографияны тупсарыыга көхтөөх үлэ барар кэмигэр, иккистээн ыал буолууга чэпчэтэр ньыманы киллэрэргэ этэллэр.
Иккистээн ыал буолууну судургу оҥорорго этии киллэрэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу көҕүлээһини Брянскай уобаластааҕы Дуума дьокутаата, «Православнай Арассыыйа» уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Михаил Иванов туруорсар.

Кини этэринэн, юридическай быраактыка көрдөрөрүнэн, урукку кэргэнниилэр алҕастарын билинэн иккистээн ыал буолаары гыннахтарына, бюрократическай харгыстары көрсөллөр. Онон, “Госуслуги” портал нөҥүө сайабылыанньаны судургутук биэрэр миэрэ хаттаан дьиэ кэргэн буолууга үтүө өттүнэн эрэ дьайыа диэн бэлиэтиир. Холобур, ЗАГС-ка бэйэлэрэ кэлэллэрин ирдээбэккэ уонна уһуннук күүттэрбэккэ. Кэргэнниилэр иккиэн сөбүлэһэр, былдьаһар баайа-дуола уонна сокуоннай саастарын туола илик оҕолоро суох буоллахтарына, тоҕо дьоҥҥо биир күн иһигэр эйэлэһиилэрин официальнайдык оҥорор кыаҕы биэриэ суохха сөбүй, диэн Иванов бэлиэтээтэ.

Бу бириэмэни уонна ньиэрбэни харыстыыр ​​эрэ буолбакка, судаарыстыба мэһэйдэри үөскэппэтин, дьиэ кэргэн чөлүгэр түһүүтүн көҕүлүүрүн өйдөтүөҕэ диэн уопсастыбанньык тоһоҕолоото.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.