12.10.2026 | 13:27 | Просмотров: 68

Икки күн иһигэр 200 кыылга ииримтийиини утары быһыыны туруордулар

Алтынньы 8-9 күннэригэр Дьокуускайдааҕы ветеринария управлениета Олохтоох дьаһалта өйөбүлүнэн дьиэ кыылларын регистрациялааһын уонна вакцинация аахсыйатын ыытта.
Икки күн иһигэр 200 кыылга ииримтийиини утары быһыыны туруордулар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Икки күн иһигэр ииримтийиини утары быһыыны 200 кыыл ылла: 95 ыт уонна 105 куоска. 119 ыкка уонна 52 куоскаҕа анал чиптэри туруордулар.

Киин куорат уокуруктарыгар уонна таһынааҕы нэһилиэктэргэ көһө сылдьар пууннар үлэлээтилэр: Строительнай, Октябрьскай, Киин, Губин, Промышленнай, Автодорожнай уокуруктарга уонна «Сатал» СОТ-ка. Ону тэҥэ Дьокуускай, Хатас, Марха, Тулагы бэтэринээрийэлэрэ кыттыстылар.

Санатан эттэххэ, 2026 сылтан Саха сиригэр ыттары булгуччулаах регистрациялааһын ирдэнэр. 

Дьиэ кыылларын “Все звери” уопсай баазаҕа киллэрэргэ хаһаайын дааннайа (толору аата-суола, аадырыһа, электроннай почтата, төлөпүөнэ) уонна кыыл туһунан информация (аата, боруодата, сааһа, быһыы ылбытын туһунан бэлиэтээһиннэр) наада буолар.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.