Икки биэнсийэни тэҥинэн ким ылыан сөбүй?
Бастатан туран, бу байыаннай сулууспалаахтар, бу иннинэ (гражданка кэмигэр) үлэлээбит дьон. Кинилэр байыаннай биэдэмистибэ структураларын лииньийэтиттэн биир биэнсийэни уонна Арассыыйа Социальнай пуондатыттан (СФР) иккис биэнсийэни ылыахтарын сөп.
Байыаннай биэнсийэлээх страховой биэнсийэни ыларын туһугар биэнсийэ сааһыгар тиийиэхтээх, булгуччулаах биэнсийэ страховкатын тиһигэр регистрацияланыахтаах, байыаннай биэнсийэни анааһыҥҥа ааҕыллыбатах гражданскай ыстаастаах уонна ирдэнэр биэнсийэ кээпписийиэнин ахсаанын хомуйуохтаах. Усулуобуйа барыта толорулуннаҕына, сайабылыанньаны Социальнай пуондаҕа тус бэйэтинэн, «Госуслуги» порталынан эбэтэр тус кабинекка биэриэххэ сөп.
Икки биэнсийэни атын категориялар эмиэ ылыахтарын сөп: байыаннай эчэйиилэртэн инбэлиит буолбут дьон, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрэ уонна аҕалара (оҕолоро сулууспа кэмигэр өлбүт буоллаҕына), байыаннайдар огдооболоро (саҥа кэргэн тахсыбатахтар), кинилэр инбэлиит оҕолоро, ону тэҥэ космонавтар. Хас биирдии биэнсийэ туһунан быраабыланан ананар: судаарыстыбаннай төлөбүрү федеральнай бүддьүөт, оттон страховойу — Социальнай пуонда нөҥүө.