Идэһэлэнээччилэргэ Эдьиий Дора сүбэтэ
Сүөһүнү сүөһүгэ, сылгыны сылгыга көрдөрөн туран астаныллыбат. Сүөһүгүтүн үөрэ-көтө астыахтааххыт. Сороҕор кырдьаҕастар уонна оҕолор, анаммыт сүөһүлээх буоллахтарына, аһыйар идэлээхтэр. Идэһэни аһыйан туран астааһын бобуллар. Киһи кыратык соҥуоран, саҥатыттан матан ылыан сөп. Өлүк салгынын үллэстиэ суохтаах, ол аньыы буолар эбит. Куттанар дьоҥҥо, оҕоҕо көрдөрүллүбэт.
Сылгыны, сүөһүнү эбэ диэки, ол эбэтэр дьиэлэр быыстарынан, арыы тыаларынан аһаҕас сир диэки хайыһыннарабыт уонна сүүһүн охсобут. Оччоҕо өлүк салгына охсубут киһинэн буолбакка, эбэнэн тахсан барар эбит. Эбэни таҥнары көрдөрөн туран охсуллубат, ити кэһиллибэт улахан сиэр-туом. Идэһэни охторон баран, быатын ньылбы таһыйан ылан мээнэ элитиллибэт, суулуу, хомуйа тутан, кэлин диэки чөкө ууруллар. Дьэ уонна хабарҕатын хайа тардыллар уонна ыраас хаарга, эбэтэр күөх кырыска хаанын чоккураччы тэптэриллэр. Ону кытта өлүк салгына барар. Кини ыылаах, дьаардаах, ыарыылаах буоллаҕына, ону хааны кытта сир оборон ылар. Хабарҕатын хаанын сүүрдэн баран, тааспытын соһон ылан анньабыт, дьиҥнээх субай хаан дьэ кэлэр. Тохтубут хааны киһи тэпсиэ суохтаах. Хоолдьугун эрийэн ылабыт, муоһунан сири хорутардыы чөкө умса уурабыт. Туйахтарын быһаҕынан араартаан ылабыт, сүгэнэн быһыта охсубаппыт, мээнэ элитэлээн кэбиспэппит, илин, кэлин атахтарын кэккэлии төбөтүн аттыгар тиэрэ уурталыыбыт.
Сылгыны киирии-тахсыы үмүрүйбүтүн кэннэ киэһээҥҥи дьыбарга, эбэтэр дьон тура илигинэ сарсыардааҥҥы дьыбарга, хараҕын маҥан таҥаһынан саба баайан баран, эбэ диэки хайыһыннаран астаныллар. Сылгы наһаа кэбирэх, астанара эмиэ сүөһү курдук. Тыа киһитэ сүгэнэн эттиирэ – биһиги үгэспит. Куоракка олорор дьон электрическэй эрбиинэн эрбэтэн эрдэхтэрэ. Ол эрээри кыаллар буоллаҕына, киһи бэйэтин салгынынан охсон эттиирэ быдан ордук буолуо. Идэһэни хоннорон, тоҥорон баран сиэниллэр. Тымныы сиргэ олорорбут сиэринэн, чаанын таһааран, нууччалыы эттэххэ, стерилизациялаан, сойутан баран сиибит. Ол оннугар иһиттэн, быарыттан, чохочутуттан сэмсэ аһы буһара охсон сиэххэ сөп.
«Эдьиий Дора» кинигэттэн.