20.10.2026 | 08:30 | Просмотров: 657

Идэҕэ бэриниилээх буолуу чаҕылхай холобурдара

Быйыл Саха сиригэр Фармация 100 сыла бэлиэтэнэр. 4-с №‑дээх поликлиника иһинэн таһаарыылаахтык үлэлээбит Аптека отделениета Дьокуускай куоракка аптека ситимэ уонна фармация сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбитэ.
Идэҕэ бэриниилээх буолуу чаҕылхай холобурдара
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Хаартыска: Дьоруой тиксэриитэ
Бөлөххө киир

МЫНДЫР САЛАЙААЧЧЫЛААХ БУОЛАММЫТ ЭЛБЭҔИ СИТИСПИППИТ

СӨ Фармациятын туйгуна, эмп атыытын уонна эмп-томп оҥоһуллан тахсыытын салайбыт Эмилла Алексеевна Петрова фармацевтар үлэлэрин уратытын, доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын бу курдук ахтан-санаан ааһар:

- 1992 сыллаах кылаабынай быраас Земфира Петровна Попова эмп-томп оҥорор аптека наадатын өйдөөн, 4-с поликлиника иһинэн аптека арыйары туруорсубута. 1993 сыллаахха балаҕан ыйыгар этэ, бу билигин 202-с дьоҕус оройуоҥҥа турар поликлиника тутуллан эрэр дьиэтин кэлэн көрбүппүт. Онтон ылата Земфира Петровна тутааччылары бэйэтин илиитигэр ылан, күн аайы көрөн, хонтуруоллаан, салайан, тутуу тэтимэ түргэтээн барбыта. Тутуу барарын тухары үлэһиттэр бары тутааччылартан, оробуочайдартан хаалсыбакка үлэлээбиппит, хас түннүгү, кабинеты кырааскалаабыппыт, сууйбуппут буолуой...

1995 сыллааха поликлиника арыллыбытыгар араас отделениеларын тэрийии, оборудование уонна миэбэл ылыы буолбута. Оччотооҕу урусхалланыы, ыһыллыы кэмигэр аптека аһыллыыта уустук соҕус этэ. Барыта улахан киирсиинэн, туруорсуунан барара Земфира Петровна курдук салайааччылаах буоламмыт кэм уларыйыытыгар өлөн-охтон биэрбэтэхпит, чэчирии сайдан барбыппыт. Аптекабытыгар ассистенскай, асептическай, дистилляционнай-стерилизационнай, сууйар-сотор хостор, атыы-эргиэн саалата үлэлээбиттэрэ. Болгарияттан кэлбит ассистенскай остуоллаах, иньекциялары кутар вакуумнай аппарааттаах, эми хаппахтыыр массыыналаах, дьааттаах эттиктэри харайар ыскааптардаах этибит, о.д.а. барыта баара.

Биһиги аптекабыт Саха сиригэр бастакынан поликлиника иһинэн арыллыбыт тэрилтэ буолбута. Бастаан отделение салайааччыларын эрэ үлэҕэ ылбыттара, онтон сыыйа кэҥээн барбыппыт. Бирикээс кинигэтигэр бастакы нүөмэрдээх бирикээһинэн киирэн аптека сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ ылыллыбытым.

Эмп оҥорор аптека быһыытынан үлэлиирбит таһынан, ырыынак сыһыаннаһыылара киирэннэр, эмп-томп атыытын тэрийиигэ үлэлээн барбыппыт – “торговай надбавка” эҥин өйдөбүллэрэ киирбиттэрэ. Ол иннинэ Калининградтан саҕалаан Уһук Илиҥҥэ барытыгар биир сыана олохтоноро (прейскурант). Онтукабыт барыта уларыйбыта, оҥорор эмпитигэр тарыыптар киирбиттэрэ. Перекись водородаттан саҕалаан  поликлиника отделениеларыгар уонна стационарга сытар дьоммутун эмтииргэ стерильнай суурадаһыннары кытта оҥорор этибит.

Үп-харчы соччо суох кэмигэр атахпытыгар турбуппут. Провизордар (үрдүк үөрэхтээх фармацевтар) оччолорго Хабаровскайга, Иркутскайга, Томскайга, Перьмҥэ үөрэнэн кэллэлэрэ. Мин үлэһиттэрим бары үрдүк үөрэхтээх провизордар этилэрэ. Дьокуускайга медучилищеҕа фармацевт идэтигэр үөрэтэллэр эрээри исписэлиистэр тиийбэттэр этэ. 2009с. ХИФУ Мединститутка фармакология уонна фармация кафедрата арыллан, провизордары үөрэтэн таһаарар буолбуттара.

Бастакы сэбиэдиссэй буолбут киһи быһыытынан эттэхпинэ, наһаа күүстээх, бары уопуттаах дьон мустан үлэлээбиппит.

Аптека үлэһиттэрэ бары химиянан тыына сылдьан үлэлииллэрэ, 50-ча сыл анараа өттүгэр аптека үлэһиттэрэ буоларбыт сыппытыттан ыраахтан биллэрэ. Вытяжка эҥин курдук обрудование суоҕа. Тыа сиригэр маһынан оттуллар оһохтоох дьиэ буолар уонна бүтүннүү эмп сыта иҥэр. Аптека үлэһиттэрэ бары наһаа элбэх таһаҕаһы таһар этибит, итии автоклавтан ыарахан биксэлээх стерильнай эмтэри уган, хостоон үлэлээбиппит, ол иһин билигин бары тайах мас өйөбүллээх сырыттахпыт. Билигин быраастар хамнастара син эбилиннэ, ол эрэн фармацевтар хамнастара улаханнык улааппата.

Поликлиникабыт 2013 сыллаахха, уларыта тутуу буолан, Кальвица уулуссатыгар баар поликлиниканы кытта холбоһон, Дьокуускай куораттааҕы медицина киинэ буолбута. 2022 сыллаахтан ыам ыйын 19 күнүгэр Арассыыйаҕа фармацевт күнэ олохтоммута – онтон ыла туспа бэлиэ күннээхпит. Билигин санкцияларынан үгүс эмпит суох, ол иһин Арассыыйаҕа фармацевтическай промышленнаһы сайыннарар сорук турда.

Идэбитигэр эми көрдүүргэ, эми уонна табаары тутууга, учуоттаһыныгар, харайыыга, табаардары бэлиэтээһиҥҥэ, элбэх сыра барар (сиэрийэлэрин, ахсааннарын, болдьохторун тэҥниирбит, дьаарыстаан стеллажтарга уурталыыбыт).

Ону таһынан эбии федеральнай уонна регионнааҕы босхо уонна араас чэпчэтиилэринэн көрүллэр эминэн хааччыйар пууҥҥа провизор Ангелина Петровна үлэлээбитэ. Кини ыарыһахтарага, дьоҥҥо ураты аһыныгас сыһыаннааҕа.

Эми оҥорон таһаарар (ассистенскай) хос баара, онно СӨ Фармациятын туйгуна фармацевт Ольга Афанасьевна Корякина ситиһиилээхтик, дьаныардаахтык уонна провизор-аналитик Надежда Васильевна (СӨ Фармациятын туйгуна ) үлэлээбиттэрэ. Кинилэр олус күүстээх үлэһиттэр этэ, ыйааһыннаах ыарахан эмтээх, уулаах 19 лиитэрэлээх өстүөкүлэ бытыылкалаах, канистралаах эмтэри көтөҕөн, таһан биэрэллэрэ. Үлэлэригэр барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ сиһилии хасыһан, болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллара. Надежда Васильевна эмтэргэ хаачыстыбаннай уонна ахсааннаах анаалыс оҥорон бэрэбиэркэлээччи. Кинилэр уус-уран тыллаах, хобуо буолааччылар, ол иһин араас тэрээһиннэргэ тыл, эҕэрдэ, хоһоон буоллун суруйан, этьэн-тыынан көмөлөһөөччүлэр.

Учуот үлэтин буҕаалтыр Федора Прокопьевна толороро. Кини ирдэбиллээх, үлэтигэр бэриниилээхтик үлэһит буолун, умсулҕаннаахтык дьаныһан туран суот-учуот бөҕөтүн оҥорооччу.

Балыыһа иһинэн ыытыллар дьарыктар, тэрээһиннэр олус итэриэһинэйдик, сэргэхтик барар буоланнар, үлэһиттэр бары даҕаны умсугуйан туран үлэлиир этибит. Оччолорго кылаабынай быраас Земфира Петровна Попова үлэһиттэргэ олус ирдэбиллээх этэ. Земфира Петровна олох туспа көрүүлээх-истиилээх, ыллыктаах толкуйдаах, ырааҕы ырыҥалыыр кыахтаах салайааччы этэ. Туруорар сыаллара, соруктара, үлэлэрэ олох хаамыытыгар сөп түбэһэр, толкуйдатар, саҥалыы сибиэһэй тыыны киллэрэр буолаллара.

Ити курдук, кэллэктииппит иһигэр сылаас сыһыан, өйдөһүү-өйөһүү, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү баара, билигин саныырга астык, улахан ахтылҕаннаах, кэмигэр долгутуулаах. Төһө да олох араас суолларынан араартаатар билигин даҕаны ситиммитин быспакка билсэ-көрсө сылдьарбытыттан үөрэбин, астынабын.

Кэргэним Демьян Иванович Петров провизор этэ, Ташкеҥҥа фармацевтическай институту бүтэрбитэ. Ытык Күөлгэ аптека сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Алексеевскай райком дьаһалынан КПСС инструкторынан, онтон райпромкомбинат дириэктэринэн үлэлээбитэ. 1982 сылтан Саха сиринээҕи аптекалар управлениеларыгар Киин аптечанай ыскылаат сэбиэдиссэйинэн анаммыта. 1995 с. "Оймякон" АУо генеральнай директоры солбуйааччынан үлэлээбитэ. 

 

ЭМП БАРЫТА АПТЕКА ҮЛЭҺИТИН ИЛИИТИН НӨҤҮӨ ААҺАР

Бырдыс Оточи Тай Уран – СӨ Фармациятын уонна Доруобуйа харыстабылын туйгуна, эмиэ аптекаҕа сэбиэдиссэйдээбитэ, билигин “Аптека ыскылаата” диэн ааттаммыт салааны төһүүннүүр, кэм ирдэбилинэн госзакупкаларга үлэлиир, Дьокуускай куораттааҕы медицина киинин провизора:

- Урут дойдуга ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр маннык аптечнай сулууспа тэриллибитин киһи чахчы сөҕүөн-махтайыан сөп. Быраастар илиилэринэн тутан, харахтарынан көрөн эмтээбэттэр ээ, кинилэр эминэн эмтииллэр. Биһиги аптекабыт экстемпоральнай эмтэри поликлиника иһигэр оҥорон таһаарар соҕотох тэрилтэ этэ.

Мин 2002 сылааха үлэлии кэлэрбэр олус элэккэй, идэлэрин үрдүк таһымҥа баһылаабыт дьоҥҥо кэлбитим. Земфира Петровна олус өйөөбүтэ, кини салалтатынан үлэ таһаарыылаахтык да барбыта. Хатаска, Тулагыга, Кангалааска аптека салааларын арыйбыппыт, диетическай аһылык хайысхата баар буолбута, штрих-кодтаах эмп ырысыаптарын киллэрбиппит, босхо эми түҥэтэр пуун үлэлэппиппит.

2004 сыллаахха кылаабынай бырааһы урбаан, маркетинг боппуруостарыгар солбуйааччынан анаммытым. Ол сыл реструктизация ааһан, Кангалаас балыыһатын кытта холбоспуппут, “Дьокуускай куораттааҕы 4-с №-дээх балыыһа” муниципальнай тэрилтэ буолбуппут. Сыыйа тендердэри ыытар эбээһинэстэммиппит. 2007 сыллаахха Хатас учаскуобай балыыһата холбоспута. Өрөмүөн үлэтэ, үрдүк техноллогиялаах медоборудование атыылаһыытын арааһа барара.

COVID-19 дьаҥ тарҕанарын саҕана эмтэри «Честный знак» маркировкалааһын киирбитэ. Бу сүрүн сыала – эмп хамсааһынын кэтээн көрүү, албын эмтэр атыыга тахсалларын бохсуу. Дойду үрдүнэн эмп уонна мааска кириисиһэ буола сылдьыбыта. Аптекалар үлэлэрин тиһигин быспакка,  сүрдээх уустук кэмнэргэ нэһилиэнньэни эминэн хааччыйа олорбуттара.

Билигин “Аптека ыскылаата” диэн ааттанан иккиэ буолан үлэлиибит. Балыһаларга, поликлиниларга барыларыгар фармацевтическай лицензиялаах аптека уонна аптека ыскылаата диэннэр үлэлии тураллар. Эмп хамсааһынын мониторинныыр федеральнай систиэмэ диэн баар – эмп кэлэригэр, барарыгар маркировкалыыбыт. Эмп хас биирдии көрүҥэ, устууката барыта маркировкаланар, оҥорон таһаарар собуоттан саҕалаан хонтуруолланар.

Дьон аптека үлэһиттэрин көннөрү атыыһыт, аптеканы маҕаһыын курдук көрөллөр эрээри, провизор үлэтэ олус уустук, хас биирдии эми бэйэбит эт илиибит нөҥүө аһардабыт, таһаҕас таһааччы штата диэн хаһан да көрүллүбэт, барытын бэйэбит таһабыт, сүгэбит, көтөҕөбүт. Урут эми оҥорор эрдэхпитинэ фурацилины, перекиһи сүүстүү буочуканан ааҕыллара. Эми оҥорон таһаарыы улахан ночооттоох дьыала. Дьокуускайга билигин эми оҥорон таһаарар биир эрэ аптека баар – 3-с №-дээх балыыһаҕа.

Аптека суолтата улахан ээ, холобур, “киһи олоҕор үрдүк суолталаах эмп муҥутуур сыаната” диэн өйдөбүл баар. Онно 54 тыһ. тахса эмп мантан ыарахан сыаналаныа суохтаах диэн суруллар. Ону таһынан аптека “обязательный ассортимент” диэн ирдэбилгэ эппиэттиэхтээх, хайаан да атыыга баар буолуохтаах эмтэр бааллар. Ону толорботохторуна, биир эмп суох буоллаҕына ыстарааптаналлар. Ол эмп испииһэгэ сэбиэскэй кэмтэн уларыйбакка сылдьар. Онон фармацияҕа бэйэ дьыалатын арынааччылар элбэх күчүмэҕэйдэри ааһаллар, бу салааҕа социальнай тэрилтэ эрээри субсидия эҥин көрүллүбэт. Провизор ыстаатын ханна баҕарар аччаттылар, соччо сыаналаммат идэ буолан эрэр, онон үөрэнэр да оҕо аҕыйаан эрэр. Үөрэххэ киирэр оҕолортон аҥаардара дипломҥа тиийэр, төлөбүрдээх үөрэххэ провизор идэтэ саамай ыарахан сыаналаах буолар.

Фармацевт, провизор идэтин, устудьуоннары үөрэтэ сылдьан өйдөөтөхпүнэ, Эмилла Алексеевна курдук олус эппиэтинэстээх, үлэһит эрэ дьон талаллар эбит. Урут “профзаболевание” диэн өйдөбүл баара, кэнники суох гыммыттара.

Аптека үлэһиттэрэ коронавирус пандемиятын саҕана дьоруойдуу үлэлээбиттэрэ, кинилэр улахан харысхала да суох, ыарыһаҕы аан бастаан көрсүбүттэрэ. Нэһилиэнньэ онно аптека суолтатын өйдөөбүтэ дии саныыбын.

ФАРМАЦИЯ ТУЙГУНА БУОЛБУТ БУҔААЛТЫР

Арааһа, буҕаалтыр идэлээх киһи фармация туйгуна буолбута аҕыйах, суоҕун да тэҥэ буолуохтаах. Федора Прокопьевна Багардымова – 4-с №-дээх поликлиника аптекатын буҕаалтырынан үлэлээбитэ, СӨ Фармациятын туйгуна:

-Манна 2001 сыллаахха үлэлии кэлбитим. Олус дьаныардаах, идэлэригэр бэриниилээх дьону кытта үлэлээбитим. Ордук уһуннук Оточи Тай Ураны уонна Феодосия Павловна Стрекаловскаяны кытта үлэлээбитим.

2003 сыллаахха Оточи Тай Уран кэлбитигэр табаар оборуота биллэ үрдээбитэ, фитобар арыллыбыта. Улахан дьиэ кэргэн курдук түмсүүлээхтик үлэлээбиппит. Аптекабыт түөрт төгүл 2001, 2003, 2004, 2010 сс. “Бастыҥ салаа” аатын ылбыта.

Аптекаҕа үлэлээбит сылларбын олус истиҥник ахтабын, чахчы ураты суоллаах, дириҥ ис хоһоонноох үлэни оҥорон, Доруобуйа харыстабылын биир сүрүн салаатын сайдыытыгар кыахпытын, күүспүтүн, олохпутун анаабыппыт дии саныыбын.

***

Бүгүҥҥү дьоруойдарбыт “үлэ киһини киэргэтэр” диэн бэргэн этиигэ толору сөп түбэһэллэр. Кинилэр олохторун Дьокуускайга аптека үлэтэ тупсарыгар, сааһыланарыгар, үйэлэр кирбиилэригэр бу салаа эстэн хаалбакка, атын суолунан сайдарыгар үгүс сыраларын анаабыттара, атыттарга холобур буолбуттара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп