Хоромньу сууматын 5 мөлүйүөнүнэн сыаналаабыттар.
Саха сирин Айылҕаны харыстыыр прокуратурата Нерюнгри оройуонугар сир баайын хостооччулар сокуону улаханнык кэһэн, айылҕаҕа буортуну аҕалар гына, көмүһү хостуулларын быһаарбыт.
Ити көмүсчүттэр дьалаҕай сыһыаннарын түмүгэр уу баайыгар, балыктарга (биоресурс) 5 мөлүйүөн солкуобайтан тахса хоромньу оҥоһуллубут диэн буолбут.
Бу иннинэ прокуратура матырыйаалларынан үлэни толорууга айылҕа харыстабылын быраабылаларын кэһии туһунан холуобунай дьыала тэриллэн, суут көрүүтүгэр бэриллибит. Ону таһынан бэрэбиэркэ түмүгүнэн прокуратура суукка айылҕаҕа тиэрдиллибит хоромньуну кэһээччилэртэн хоромньуну төлөтөрү туруорсубутун суут ылыммыт. Суут быһаарыытынан, 5 мөлүйүөн солкуобай бүддьүөккэ киирбит.
Уонунан балык туһугар, броконьердаатыгыт диэн аҕыйах сыллааҕыта 10 мөл. солк. тиийэ ыстыраап төлүүр уураах тахсан, эр киһи олохтон баҕа өттүнэн туораабытын дьон умнубат. Бүтүн эбэ киртийбитигэр — 5 мөлүйүөн солк. эбит.