13.10.2026 | 18:32 | Просмотров: 94

Хомус оту утары охсуһуу саҕаланна

Дьокуускайга баһаартан сэрэхтээх буолуу дьаһалларын күүһүрдүү чэрчитинэн күөллэр тула, уулаах сирдэргэ үүнэр хомус оту суох гынарга ылыстылар.
Хомус оту утары охсуһуу саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Дмитрий Садовников баһаартан сэрэхтээх буолуу үлэтин былаанныыр мунньаҕы ыытта – сүрүн кэпсэтии күөллэр тула хаппыт оту суох гынар туһунан буолла. Территориялары кытта үлэлиир департамент, киин куорат уокуруктарын, кытыы нэһилиэктэрин баһылыктара уонна солбуйааччылара кыттыыны ыллылар.

Пожнадзор билиҥҥи ирдэбилинэн, күөллэр тастарыгар хойуутук үүнэр хомус хатан, аттынааҕы дьиэлэргэ кутталы үөскэтэр. Халлаан туругун учуоттаан, ону билигин суох гыныллыахтаах.

Онон кэлэр нэдиэлэҕэ хомус от барыта охсуллуохтаах, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ уонна куорат олохтоохторо субуотунньукка тахсаллара былааннанар.

Баһылык уокуруктар хомуһу утары охсуһууга бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, көмөлөсүһэн дьаһаналларыгар сорук туруорда. Дьокуускайга үгүс күөллэр федеральнай суолталаахтар, муниципальнай бас билиигэ киирэ иликтэр.

Уокуруктарга күөллэри көрүүгэ-истиигэ маннык сыһыардылар:

- Автодорожнай уокурук: ДСК уонна Птицефабрика күөллэрэ.

- Гагаринскай уокурук: Белай күөл, ону таһынан Столичнай ырыынак уонна Кыайыы пааркатын икки ардыгар баар уу.

- Губинскай уокурук: Саллаат күөлэ.

- Киин уокурук: Щорс күөлэ уонна Таалай күөл. 

- Октябрьскай уокурук: Тёплай күөл.

- Промышленнай уокурук: Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар күөл.

- Сайсары уокуруга: Сайсары күөл.

- Строительнай уокурук: Чочур Мыраан күөлэ.

Тэрээһини Территориялары кытта үлэлиир департамент салайар. Олохтоох дьаһалта куорат олохтоохторугар уонна волонтердарга эрэнэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.