04.03.2026 | 14:40 | Просмотров: 141

Хомунаалынай төлөбүр: кимиэхэ субсидия көрүллэрий?

Саха сиригэр хомунаалынай төлөбүргэ чэпчэтии биирдиилээн дьоҥҥо көрүллэр. Субсидия агентствота өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар хомунаалынай төлөбүрдэригэр ким чэпчэтиини ылар бырааптааҕын санатта.
Хомунаалынай төлөбүр: кимиэхэ субсидия көрүллэрий?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол курдук, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн хомунаалынай өҥө төлөбүрдэригэр кыбартыыра уопсай сууматыттан уокка уонна ууга 30 бырыһыан чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. 70-тан 79-гар диэри саастаах дьон хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүн аҥаарын төттөрү ылыахтарын, оттон 80-тан үөһээ саастаахтар төлөбүрдэригэр бу пуунтан аккаастаныахтарын сөп. Кыра дохуоттаах ыалларга туспа быраабыла баар: хомунаалынай төлөбүр дьиэ кэргэн бүддьүөтүн 15 бырыһыаныттан элбэҕи ылар буоллаҕына, аһара төлөммүтүн судаарыстыба төнүннэрэр.

СВО кыттыылаахтарыгар эмиэ өйөбүл баар. Кинилэр дьиэ кэргэттэригэр олорор дьиэлэрин уонна хапытаалынай өрөмүөн ороскуотун аҥаарын төннөрөллөр, ол көмө киһи байыаннай дьайыы бэтэрээнин статуһун ылыар диэри сулууспалыыр кэмин устата барар. Бары көрүҥнээх чэпчэтиилэргэ сайабылыанньаны судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар эбэтэр ханнык баҕарар “Мин докумуоннарым” офистарга биэриэххэ сөп. Ыйытыылар баар буоллахтарына, агентство суукка устата үлэлиир төлөпүөнүгэр эрийэн ыйыталаһыҥ:8-800-222-50-70.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.