28.10.2026 | 15:29 | Просмотров: 157

Хомунаалынай төлөбүр: ким, туохха, төһөнү төлүүрэ

СӨ сыанаҕа судаарыстыбаннай кэмитиэтэ тарыып үрдээһинин уонна чэпчэтии туһунан тугу этэр эбитий?
Хомунаалынай төлөбүр: ким, туохха, төһөнү төлүүрэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Ол туһунан “Эхо столицы” таһаарыы тугу суруйбутун билсиэҕиҥ.

Бу дьыл алтынньы 1 күнүттэн хомунаалынай өҥө төлөбүрүн чэпчэтиилээх тарыыба уларыйбыта. Гражданнар ЖКУ иһин төлөбүрдэрин үрдүүр индексэ кэлэр 2027 сылга, ортотунан, 18,9 бырыһыанынан үрдээтэ. Оттон муҥутуур үрдүөн сөптөөх кээмэй муниципальнай тэриллиилэргэ 27 бырыһыан буолуон сөбө этиллибитэ.

ЖКУ төлөбүрэ, биллэн турар, дьиэ иэниттэн, онно төһө киһи пропискалааҕыттан уонна олорор дьиэ толору дуу эбэтэр ситэтэ суох дуу хааччыллыылааҕыттан, дьиэ этээһиттэн, туһааннаах дьиэҕэ ханнык хомунаалынай өҕө көрүҥнэрэ оҥоһулларыттан тутулуктаах. Иккиһинэн, туох баар оҥоһуллар өҥө  хайаан да индекскэ ыйыллар бырыһыанынан эбиллэр буолбатах. Түмүк сыана ыал илэ бааччы туһаммыт өҥөтүн кээмэйиттэн тутулуктаах.

Холобур, үс киһилээх дьиэ кэргэн Дьокуускайга 63 кв. м иэннээх кыбартыыраҕа олорор. Кинилэр ыйдааҕы төлөбүрдэрэ, ортотунан, 18,7% үрдүүр. Оттон толору хааччыллыылаах биэс уонна онтон үрдүк этээстээх дьиэҕэ олороро буоллар,   17,6% үрдүө этэ. Этээһэ суох дьиэҕэ олорооччу — 20,4%.

Толору хааччыллыыта суох икки этээстээх дьиэ 48 кв м иэннээх дьиэтигэр олорор ыал ЖКУ-та 21,6% үрдүүр.

Хааччыллыыта суох, 90 кв м иэннээх, гааһынан сылытыллар дьиэҕэ олорооччуга — 11,6%, оһоҕунан оттуллар түгэнигэр— 11,4% үрдүүр.

Сылытыы тарыыба тоҕо уларыйарый?

Тымныы кыһыннаах Саха сиригэр дьиэ сылытыытыгар чэпчэтиилээх тарыып дьайар. Ол араастаһыытын эрэгийиэн хааһыната уйунар. Оттон чэпчэтиилээх тарыып дьиэ төһө этээстээҕиттэн тутулуктанар.

Ол курдук, Дьокуускай этээһэ суох олорор дьиэлэригэр биир Гкал иһин 1 888,26 солк. бигэргэммит. Оттон биэс уонна онтон үрдүк этээстээх дьиэлэргэ Гкал тарыыба алтынньыттан— 3 125,64 солк. буолла. Ити кэмтэн саҕалаан,  дьиэ этээһиттэн тутулуктанар араастаһыы  5% түстэ. Онуоха намыһах таһымнаах тарыып, кэнэҕэһин сыыйа тэҥ буоларын курдук, түргэнник улаатар.

Сыана судаарыстыбаннай кэмитиэтин чахчытынан, Дьокуускай куорат олохтоохторо хомунаалынай өҥө дьиҥ сыанатын 72 кэриҥэ бырыһыанын төлүүллэр. Оттон Арктика оройуоннара, холобур, Үөһээ Дьааҥы улууһун олохтоохторо, дьиҥ сыана 4 бырыһыанын уйуналлар. Ити араастаһыыны барытын учуоттаан, орто көрдөрүүнү таһаарар эбит буоллахха, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ хомунаалынай өҥөнөн хааччыйарга көрсүллэр дьиҥ ночоот 24 бырыһыанын төлүүр курдук буолан тахсабыт. Уоннааҕытын, о.э. өҥө 76 бырыһыанын судаарыстыба кэмпэнсээссийэлиир.

Кыра дохуоттаах ыал субсидияны туһанар кыахтаах

 Ону таһынан кыра дохуоттаах ыаллары өйөөн, судаарыстыба ЖКУ төлөбүрүгэр субсидия диэни көрөр. Ыал хомунаалынай өҕө иһин ыйга төлөһөр суумата уопсай дохуотун 15 бырыһыаныттан үрдүө суохтаах. Оттон итинтэн үрдүк түгэнигэр субсидия ананыахтаах.

Бу туһунан “Эхо столицы” таһаарыы: “Биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга уонна туһунан, соҕотоҕун олорор, үлэлээбэт биэнсийэлээххэ ити кээмэй төһө биэнсийэлээҕиттэн тутулуктанан 0-15 бырыһыан буолуон сөп. Былырыын итинник субсидияны Саха сирин 7,4 тыһ. тахса ыала туһаммыт”.

Субсидияны анааһынынан СӨ Субсидиаҕа ааҕыныстыбата дьарыктанар. Кинилэр “итии лииньийэлэрин” төлөпүөнэ: 8-800-222-50-70. Официальнай саайтарын сигэтэ: https://subsidii-jku.ru/

Хомунаалынай ааҕыыга ыйытыктаах, өйдөөбөт түгэннээх буоллахха, Сыана судаарыстыбаннай кэмитиэтин аадырыһа: Ленин бэрэспиэгин, 28 нүөмэрдээх дьиэтин 501 кэб. тиийиэххэ сөп. Официальнай саайтарын сигэтэ:https://gkcp.sakha.gov.ru

Төлөбүр төһө сөпкө ааҕыллыбытын быһааттарар наада түгэнигэр  ЖКУ төлөбүрүн кибитээнсийэтэ  наада.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.