19.10.2026 | 08:00 | Просмотров: 67

Хомуһу утары охсуһуу: куорат олохтоохторо күргүөмүнэн субуотунньукка таҕыстылар

Ааспыт өрөбүллэргэ Дьокуускайга күөллэр хомустарын ыраастааһыҥҥа улахан субуотунньуктар буолан аастылар.
Хомуһу утары охсуһуу: куорат олохтоохторо күргүөмүнэн субуотунньукка таҕыстылар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир

Ордук тэрээһиннээхтик, өрө күүрүүлээхтик Автодорожнай уонна Сайсары уокуруга үлэлээтилэр. Сарсыардаттан ДСК күөлүн хомуһун охсууга 200 киһи таҕыста. Салгыы Сайсары күөлүгэр 200-тэн тахса киһи үлэлээтэ. Манна атын уокуруктар кытта көмөнү ыыппыттара табыгастаах буолла.

Хомуһу охсууга мотокосалары, быһах биитин курдук сытыыламмыт күрдьэхтэри, илии хотуурун тутуннулар. Үлэ барыта тэрээһиннээхтик, биир тыынынан ааста. Охсооччулар кэннилэриттэн чөмөхтөөччүлэр сырыттылар. Кинилэр кэннилэриттэн бугулламмыт хомуһу улахан мөһөөччүктэргэ симэн тиэйэргэ бэлэмнээччилэр батыстылар. 

Сытыы тыаллаах күн туран биэрэн, уокуруктар үлэһиттэргэ сылаас чэй өрөн, алаадьы астаан үлэһиттэргэ иттэр, сылаас киллэринэр усулуобуйаны тэрийдилэр. Сайсары уокуругун кытта Аҕалар түмсүүлэрэ аал уот оттон плов, шашлык буһаран күндүлээтилэр.

Онон Саха сиригэр Ийэ күнүн уонна Араассыыйаҕа Аҕа күнүн Дьокуускай көхтөөх олохтоохторо күргүөмнээх үлэнэн бэлиэтээтилэр.

1 / 4

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.