15.10.2026 | 09:44 | Просмотров: 104

Оҕо 14 сааһыттан холуобунай эппиэтинэһи сүгэр

Арассыыйа Федерациятын Силиэстийэлиир кэмитиэтэ сэрэтэр
Оҕо 14 сааһыттан холуобунай эппиэтинэһи сүгэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойдубут сиэрдээх сокуонугар олоҕуран, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор тимир көлөнү ыытар бырааптара суоҕун лаппыйан бэлиэтиир.

Оҕо дьон тимир көлөнү ыытыылара, ону тэҥэ араас суол саахалын таһаараллара, саахалга түбэһэллэрэ баар суол. Силигин ситэрэн, дьон тырааныспарын күрэтии хобдох түгэннэрэ эмиэ тахсар.  Итинтэн сылтаан бэйэлэригэр уонна дьон олоҕор кутталы аҕалалларын таһынан, олохторун алдьаталлар уонна төрөппүттэрин табыгаһа суох балаһыанньаҕа түбэһиннэрэллэр.

РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета Алдан куоратыгар олохтоох 16 уонна 17 саастаах оҕолоро дьон баайын-дуолун, тырааныспарын көҥүлэ суох ылбыт, тимир көлөнү күрэппит хас да түгэннэрин чинчийэн көрбүтүн суруйар. Следователлэр эдэр дьон үчүгэй, толору дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибиттэрин, ол эрээри сымыйа доҕотторун хараҕар аптарытыат, хорсун буолан көстөөрү, киһиргии да түһээри сыыһа суолга  үктэммиттэрин быһаарбыттар. Суут  кинилэр дьыаларын көрөн баран, күлүүс хаайыытыгар олордор туһунан быһаарыы ылыммыт.

Итини холобурдаан туран, Силиэстийэлиир кэмитиэт өссө төгүл сэрэтэр:

* ☑️ Тырааныспары көҥүлэ суох ылыы, күрэтии (угон) — оҕо оонньуута буолбатах, хаайыыга түбэһиэххэ диэри улахан эппиэтинэс сүктэриллэр улахан буруй буолар.

* ☑️ Буруйу оҥоруу иһин холуобунай эппиэтинэс билигин 14 саастан саҕаланар.

* ☑️ Эрдэттэн сүбэлэһэн, сыал-сорук туруорунан бөлөҕүнэн күрэтии буолбута дакаастаннаҕына, эппиэтинэһэ өссө улаатар.  

* ☑️ Ханнык баҕарар сокуону кэһии иһин, эдэр киһини ПДН (профилактика учета) учуотугар туруораллар. Сорох түгэҥҥэ  30 хонукка диэри болдьохтоох быстах  кэмҥэ сытыарар Кииҥҥэ киллэрэллэр.

* ☑️ Оҕо сылдьан оҥоһуллубут быраабы кэһиилэр уонна буруйдар  сибидиэнньэлэрэ булгуччу ИДьМ (МВД) баазатыгар киирэр. Онто кэнэҕэһин үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэргэ, карьераны оҥосторго мэһэй төрүөт буолар кыахтаах.

Төрөппүттэр оҕолоро туора киһи баайыгар-дуолугар дураһыйбатын, ону уорар санаа киирбэтин  туһугар хайаан да эрдэттэн оҕолорун иитэ-такайа, үөрэтэ сылдьыах кэриҥнээхтэр. Итинник буруй иһин улахан эппиэтинэс баарын кэпсиэхтээхтэр. Буруйу оҥоруу тахсыбатын туһугар ыытыллар үлэ туох хайа иннинэ дьиэ кэргэнтэн, оскуолаттан уонна бэйэ холобуруттан саҕаланыахтаах. Быстах баҕа санаа оҕоҕун кэнэҕэски олоҕун алдьаппатын туһугар, бука диэн, кыһаныҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп