23.10.2026 | 13:30 | Просмотров: 249

Холодильник үйэтин кылгатар күннээҕи үөрүйэхтэр

Дьиэҕэ бу тиэхиньикэтэ суох сатаммаппыт. Аны санаатахпыт аайы уларытар кыахпыт суох – сыаната бэрт. Онон харахпыт харатын курдук харыстыахтаахпыт.
Холодильник үйэтин кылгатар күннээҕи үөрүйэхтэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Көрдөххө, ас-таҥас көрдөөбөккө, көннөрү турар курдук, ол эрээри балачча хаппырыыс эбит ээ.

Дьэ, ол тугу сыыһа-халты туттан, холодильникпыт үйэтин кылгатабытый?

***

Сороҕор ыксыы сылдьан астаабыт аспытын сойорун күүппэккэ, тута холодильникка утаарабыт... «Таах аһыйыа дуо» диэн буолар. Маннык түгэҥҥэ компрессора баарынан-суоҕунан үлэлииргэ күһэллээхтиир эбит.

Холодильникка ханнык баҕарар аһы сойутан барар уурар ордук. Итиэннэ эркинигэр сыһыарымаҥ, наһаа түгэххэ анньымаҥ диэн сүбэлииллэр.  Тымныы салгын эргийэригэр туох да мэһэйдиэ суохтаах.

***

Аана нэһиилэ сабыллар буолуор диэри ыы-быччары симии – бу эмиэ улахан алҕас. Сорохтор бүтэһик тыһыынча үүнээри гыммытын курдук, үгүөрү аһы хаһаанар үгэстээхтэр. Холодильник тыынарын сөбүлүүр. Оттон салгын сылдьар хайаҕастара бүөлэннэхтэринэ, ордук No Frost систиэмэлээх моделларга, мотуора, истиэнэлэрин курдары тымныыны анньа сатаан, итийбитинэн барар. Онон холодильник иһигэр салгын сылдьарыгар хайаан да быыс-хайаҕас баар буолуохтаах.

***

Аанын эрэһиинэтин көрө сылдьыҥ. Ас тоорохойо, кир-хох мунньуллар үгэстээх. Ол түмүгэр тымныы салгын уора-көстө быыһылаан тахса турар буолуон сөп. Ол аайы холодильниккыт компрессора тохтоло суох үлэлээн өрө мөхсөр...

Холодильниккыт аанын эрэһиинэтин сото сылдьыҥ – өр сулууспалыа.

Эрэһиинэтин туругун бэрэбиэркэлиир биир судургу ньыма баар: аанын уонна куорпуһун икки ардыларыгар кумааҕы кыбытан баран сабыҥ уонна лииһи тардан көрүҥ. Чэпчэкитик ороон таһаардаххытына – уплотнитель уларыйара уолдьаспыт.     

 

«Киин куорат» тэттик сүбэлэрин тускутугар туһаныҥ!

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.