13.10.2026 | 13:00 | Просмотров:
108
Хоһоону түргэнник үөрэтэбит
Сорох киһи хоһоону бэрт түргэнник өйүгэр хатыыр. Өссө хас да айымньыны нойосуус билиэн, хааһахтан хостуур курдук этиэн сөп.
Ааптар:
Киин Куорат
Хаартыска:
Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир
Бу дьарык олус туһалаах, өйгөр тутар дьоҕургун сайыннарар, хараххар ойуулаан көрөр талааҥҥын арыйар, тылыҥ саппааһын байытар. Онон хоһоону оҕолуун-улаханныын – бука бары үөрэтиэхтээхпит.
Сорох киһи, хас да строканы биирдэ эрэ ааҕаат, тута өйдүүр. Оттон ким эрэ нойосуус үөрэтэ сатаан уһун күнүн барыыр. Ол аата хас биирдии киһи өйүгэр тутар дьоҕура ураты.
«Киин куорат» хоһоону, ханнык баҕарар тиэкиһи түргэнник уонна судургутук үөрэтэргэ анал эрчиллиилэри түмтэ. Тускутугар туһаныҥ.
- Бастаан хоһоон ис хоһоонугар болҕомтоҕун уур. Билбэт тылларгын бэлиэтээ, суолталарын тылдьыттан, баҕар, Гуглтан булан аах.
- Хоһоон хас биирдии строкатыгар өйгөр туох эрэ дьүөрэлэһэр ситимнэри толкуйдаа. Холобур, күн чаҕылыччы тыгарын туһунан айымньы буоллаҕына, оннук былыта суох халлааны хараххар ойуулаа. Ити курдук, хонууга сибэкки үүнэн турарын, чыычаах ыллыырын, о.д.а. хартыынаны кытта ситимнээ.
- Хоһоону уһул. Төһө да уһун буоллун, сүрэҕэлдьээмэ. Суруйа олорон хас биирдии тылын дорҕоонноохтук аах. Бүттэххинэ, ол лиискин көрөн үөрэт. Киһи бэйэтэ суруйбутун ордук түргэнник ылынар.
- Хас да түһүмэххэ араар. Баҕар, биирдии строка, баҕар, онтон уһун буоллун. Бэйэҥ хайдах саныыргынан. Ол араарбыт түһүмэхтэргинэн үөрэт. Бастаан биири бил, онтон иккискэ бар. Ол аайы инники түһүмэхтэргин хатылаан ис.
- Өйгөр түспэт уустук тыллары лиискэ улахан гына суруй эбэтэр аннынан тарт.
Ити курдук, бу судургу эрчиллиилэри, сүбэлэри туһаннаххына, хайа да бэйэлээх уһун хоһоону түргэнник үөрэтиэҥ.
Ситиһиилэри!
Сонуннар
16.11.2026 | 12:46
Куорат биир саамай кыһалҕалаах түөлбэтэ ханныгый? 17-с кыбартаал буолбатах.
16.11.2026 | 11:30
"КИИН КУОРАТ" САҤА РУБРИКАТА!
16.11.2026 | 10:44
Дьаһалта планеркатыттан
16.11.2026 | 09:34
«Курнатовскай» сылаас тохтобулун алдьаттылар
16.11.2026 | 09:33
Маннык буолуохтаах этэ буоллаҕа!
16.11.2026 | 09:18
Урбаанньыт ийэлэр күрэхтэригэр 10 бастыҥ иһигэр киирбит
16.11.2026 | 09:06
"Онегин" бириэмийэҕэ "Лоокуут уонна Ньургуһун" кыттар. Куоластаан көмөлөһүөххэ сөп
16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
15.11.2026 | 18:00
Саха оҕото Арассыыйа бастыҥ айааччыта буолла
15.11.2026 | 14:01
Алампа аатынан норуот бириэмийэтин кимнээх ыллылар?
15.11.2026 | 13:52
Икки сылаас тохтобул арылынна
15.11.2026 | 09:00
Оскуоланы бүтэрээччи, болҕой, аах уонна сырыт!
15.11.2026 | 07:30
Сулусчут өрөбүллээҕи сүбэтэ
14.11.2026 | 17:28
“Семь дней счастья” киинэ икки бирииһи ылла
14.11.2026 | 16:46
Биир күн төрөөбүттэр уонна...
14.11.2026 | 16:41
Дмитрий Садовников субуотатааҕы бэрэбиэркэтэ
14.11.2026 | 16:24
“Иһим ыалдьыбыта” уонна “хойутаан эрэр этим”
14.11.2026 | 16:16
Оҕону аанынан кыбыппыт оптуобус суоппара эппиэтинэскэ тардылынна
14.11.2026 | 16:04
Коркин турнирыгар кимиэхэ ыалдьабыт?
14.11.2026 | 09:00
«Ферреро Роше» сакалааты дьиэҕэ да оҥоруохха сөп!
Ордук ааҕаллар
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.