04.10.2025 | 14:00 | Просмотров: 255

Хатаска «Күүс-сэниэ ылар сирим...» экскурсия сэҥээриини ылла

Хатаска «Күүс-сэниэ  ылар сирим...» экскурсия сэҥээриини ылла
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи сылларга Дьокуускай куорат сайдыытын-үүнүүтүн, киэҥ эйгэҕэ тахсыытын бырагырааматыгар туризм боппуруоһа сытыытык турар.

Саха норуота былыр-былыргыттан мутугунан быраҕар муҥур үйэлээх олоҕор ыалдьытымсаҕынан, ыраас, ылбаҕай майгытынан биллэр. Дэлэҕэ даҕаны күн бүгүнҥэ диэри ыалдьыкка диэн анаан ас амтаннааҕын, утуйар-сынньанар миэстэ бастыҥын ууран турар, кэлбит ыалдьыты илии тутуурдаах, өттүк харалаах ыытар үгэспит тыыннаах буолуо дуо. Ол туһугар ааһар кэм тыалыгар оҕустарбакка, кэлэр кэм сиккиэригэр симэлийбэккэ, хаһан даҕаны суураллыбат дириҥ ис хоһоонноох өйдөбүл – үтүө үгэстэрбитин үйэтитэн, аныгы олох хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн, кэлэр дьоҥҥо-сэргэҕэ, үүнэр көлүөнэ ыччакка төрөөбүт  сирбитинэн киэн туттууну, дойдумсах буолуу иэйиитин-санаатын иҥэрэргэ күүстээх үлэ барар.

Күн бүгүн даҕаны суолтатын сүтэрбэт дойдубут устуоруйатын  хас биирдии түгэнэ кичэйэн харайыллыбыт ааспыт кэмтэн хаалбыт сурукка,  докумуоҥҥа, уос номоҕор, ааспыт кэм тутууларыгар, иһитигэр-хомуоһугар, туттар тэриллэригэр тиийэ хаалбытын харыстаан, сылаастык сыһыаннаһан, ытыска ууран,  бу сыаналаммат улуу нэhилиэстибэни кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэргэ, кэпсииргэ-сэһэргииргэ табыгастаах ньыманан экскурсия буолар. 

Экскурсия – уруккуну уонна билиҥҥини ситимниир далаһа. Өбүгэлэрбит тыыннара иҥмит туоһулар ахтыыларын, чинчийээччилэр үлэлэрин үөрэтэн-хасыһан, билии-көрүү эбинэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии –  туһугар дьол биир өрүтэ. Манна гид, экскурсовод олоҕу ылыныыта, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана, билиитин-көрүүтүн дириҥэ, киэҥэ, дойду устуоруйатыгар, төрөөбүт сиргэ-уокка сыанабылын үрдүгэ быһаарар оруолу оонньуур. Дьэ, ити курдук сыаллаах-соруктаах үлэ ситимнээхтик барарыгар олук ууруллан, Дьокуускай куорат салалтата, чуолаан С.С. Брызгалова салайааччылаах Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын Култуураҕа уонна духуобунас сайдыытыгар управлениета  бу идэҕэ туһуламмыт анал үөрэҕи ыытта, ону 20 киһи бүтэрдэ.

Дьиҥэр, бу иннинэ экскурсия диэн олох суох этэ диир сыыһа даҕаны, сымыйа даҕаны. Ол эрэн сааһыланан, наарданан, кииннэнэн үлэлээтэххэ, кыайыылаах-хотуулаах, үтүө түмүктэрдээх буолар диэн маннык хамсааһын таҕыста. Ол курдук, Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэртэн саҕалаан, бу күннэргэ элбэх экскурсиялар, көрсүһүүлэр, бэсиэдэлэр буола тураллар.

Мин бүгүн Хатаска буолан ааспыт “Күүс-сэниэ ылар сирим...” диэн ааттаах маршрутунан буолбут экскурсияны сырдатыам. Быйылгы дьыл Хатас нэһилиэгэр өйгө-санааҕа хаалар элбэх үтүө күннэрдээх – Хатас нэһилиэгин 380 сыла, Улуу Кыайыы 80 сыла, учуутал Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын 110 сыла, Хатас библиотекатын өр сылларга салайбыт ССРС култууратын туйгуна, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа  Панаев И.Д. төрөөбүтэ 100 сыла уо.д.а.  Үөһэ этиллибитин курдук, экскурсиялар урут даҕаны бааллара, ол гынан баран бу сырыыга анал үөрэҕи барбыт киһи быһыытынан ис хоһоонун байытан-кэҥэтэн, дириҥэтэн ыыппытым, эппиэтэ да оннук буолла.

Экскурсиябыт аата мээнэҕэ буолбатах. Киһи хантан күүс ылан үлэлиирий, айарый-тутарый, олох олороруй? Биллэн турар, олорор дьиэтиттэн-уотуттан, тэлгэһэтиттэн. Дьэ, ол иһин Хатаспыт кэҥээбитинэн сибээстээн нэһилиэкпит 9 түөлбэтин (Дьаарын, Моисеевка, Алаас, Малгин, Туймаада, Сардаҥа, Агрогородок, Баҕарах, Киэҥ Хочо)  кэрийдибит, онно сыһыаран нэһилиэк олоҕун сүрүн сонуннарын иһитиннэрдибит, тэрилтэлэри билиһиннэрдибит. Бу кэпсээн-сэһэн барыта урукку өттүн архыып докумуоннарыгар, тахсыбыт кинигэлэр матырыйаалларыгар олоҕуран буолла.

Болдьоммут кэмҥэ хойутааһына суох СӨ Муусука үрдүкү оскуолата көмө быһыытынан биэрбит оптуобуһугар тобус-толору  олордубут уонна экскурсиябыт аттанар туочукатыгар бэрт сыыдамнык айаннаан тиийдибит. Мустар кэммитигэр тэрээһиммит ирдэбиллэрин (сэрэхтээх буолуу, бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаах сыһыан) уонна тохтобулларын, тоҕо чуолаан ол сирдэри талбыппытын быһаарбыт буоламмыт, маршруппут хас биирдии түһүмэҕэ кудуччу барда.

Үөрүөхпүт иһин, экскурсияҕа интэриэс сааһыттан тутулуга суох  буолан биэрдэ. Ол курдук, 70-с хаарын уулларбыт аҕам саастаах даҕаны баар, ону сэргэ орто көлүөнэ, оскуола маҥнайгы сүһүөх кылааһын да оҕото баар.  Аны туран, экскурсаннарбыт араас саастаахтарын таһынан, кимтэн кииннээхтэрэ эмиэ биир оннук буолан, сыаллара-соруктара эмиэ оннук уратылардаах. Ким эрэ төрөөбүт-үөскээбит, улааппыт нэһилиэгэ төһө кэҥээбитин, сайдыбытын көрөр баҕалаах, ким эрэ саҥа кэлэн олохсуйан хайдах, туох олохтоох нэһилиэккэ силис-мутук тардан эрэрин билсээри, ким эрэ Дьокуускай куораттан кэлэн аатырар-сураҕырар Хатас нэһилиэгин устуоруйатын сэгэтэн көрөөрү...

Быйыл 380 сааһын туолар Баҕарах, Өрсүт, Хоро нэһилиэктэрэ холбоһон үөскээбит Хатаспытыгар киһи кэпсиирэ, кэрэхсиирэ элбэх. Төрүт олохтоохтор кэҥээн-тэнийэн, урут анал көрдөһүү-ааттаһыы бөҕө буолан ыраах походтуур, турист сүлүөтүн ыытар эбэтэр кэлин улаатан баран аатырар-сураҕырар “Хатас” сопхуос бааһыналарыгар “Дьаарын” түөлбэтин олохтоохторо сиргэ-уокка харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, бэрт чэбэрдик туттан-хаптан, көрүөхтэн кэрэ, дьоһун дьиэлэри туттан олороллорун астына-дуоһуйа, махтана көрдүлэр. Манна хайа да учаастакка бөх-сах мунньуллан, быраҕыллан, тулаайахсыйан турара суох. Ол аата чахчы олохсуйан, тэнийэн, силис-мутук тардан олоруон баҕалаах дьон-сэргэ олохсуйан эрэр эбит диэн санаалара көтөҕүлүннэ.

Өссө биир кэрэхсэбиллээх, махталлаах түгэнинэн нэһилиэкпит ытыктыыр, сүгүрүйэр киһитэ, сэрии-тыыл бэтэрээнэ, уот силлиэни силэйбит, буулдьа буурҕатын тохтоппут, кэннинэн кэхтибэтэх   ытык дьоммутуттан биирдэстэрэ Решетников Егор Михайлович аатынан уулуссаҕа информационнай табличка арыллыытыгар кыттыыбыт буолла. Бу – көлүөнэ ситимин сүтэрбэт туһугар туһуламмыт  сыаллаах-соруктаах иитэр-үөрэтэр, өйдөтөр   тэрээһин.

Манна даҕатан эттэххэ, Хатаска 72 уулусса баарыттан 22-тэ нэһилиэкпит олоҕор суолталааҕы, үйэлээҕи оҥорбут биир дойдулаахтарбыт ааттарын сүгэр. Онно былаан быһыытынан информационнай табличкалар (аныгы технологияны туһанан, видео, хаартыска матырыйаалынан оҥоһуллубут ол киһи туһунан кылгас киинэ) ыйаналлар. Егор Михайлович аймах-билэ дьоно саха сиэринэн алаадьылаах, итии чэйдээх тоһуйдулар.

Ол кэннэ сырыыбыт түмүк түһүмэҕэр — Хатаспыт ыһыахтыыр сиригэр Ойуу Хатыҥҥа тиийдибит. Ыһыахтыыр туонабыт нэһилиэкпититтэн  чугас, силбэһиннэрэ сытар  сиргэ баар буолбута олох аҕыйах сыл буолла. Онон саҥа сир саҥа тутуулары, күрүөлээһини уо.д.а. үлэлэри эрэйэр. Быйыл Хатаспыт 380 сылын, Улуу Кыайыы 80 сылын  бэлиэтиир ыһыахпытыгар биир саамай сүрүн сыалбыт-сорукпут бу киэҥ нэлэмэн туонабытын күрүөлээһин этэ. Онно анаммыт үтүмэн үлэ муус устар ыйтан саҕаланан, субу ыһыах буолуох түүнүгэр тиийэ тигинэччи барбыта. Аны ыһыахтыыр сирбитигэр сыыйа-баайа бара турар тутуулары, ытык сэргэлэри, киирии аартыктары кимнээх оҥорбуттара биир туспа кэрэхсэбиллээх түгэннэрдээх. Ол туһунан экскурсия кыттыылаахтара олус сэргээн, астына, махтана иһиттилэр.

Ити курдук Хатаспыт киирии аартыгыттан ыһыахтыыр сиригэр тиийэн, нэһилиэкпит хайдах курдук киэҥ сиринэн тайаан сытарын илэ-чахчы көрөн сөҕүү-махтайыы, саҥаны-сонуну билбиттэн үөрүү үксээтэ. Хас биирдии түөлбэ кэрэхсэнэр-кэпсэнэр түгэннэрдээх, дьонноох-сэргэлээх буолан, сылдьарбыт тухары тохтоло суох сэһэргэһии, ыйытыыларга хоруйдаһыы буолла.

Тэрээһиммит мустубут сирбитигэр – “Тускул” КК уораҕайыгар тиийэн түмүктэннэ. Онно экскурсаннарга хас биирдиилэригэр бу күнү үйэтиппит биирдии уопсай түспүт хаартыскалара, Хатас нэһилиэгин справочник-буклета, сылдьыбыт маршруппут каартата бэлэх быһыытынан туттарылынна.

Түмүккэ дьон санаатыттан быһа тардыылары билиһиннэриэм: “Наһаа үчүгэй экскурсияҕа сырыттыбыт. Куораттан кэлэрбит даҕаны бэйэтэ биир умсулҕаннаах айан этэ. Хатас туһунан  интэриэһинэй чахчылары биллим. Махтал”.

“Наталья Ивановнаҕа барҕа махтал! Наһаа үчүгэй, дириҥ ис хоһоонноох экскурсияҕа сылдьан, астынан кэлэн олоробун!”

“Тускулларга” махтал, өссө биир интэриэһинэй, киһини умсугутар, ыҥырар бырайыагы саҕалаабыккытынан эҕэрдэ”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.