30.10.2026 | 16:30 | Просмотров: 130

Хатас орто оскуолата дистанционнай үөрэххэ көһөр

Социальнай ситимҥэ оскуолаҕа энтеровирус инфекцията (ЭВИ) тарҕанна диэн төрөппүттэр айманаллар. Үөрэх управлениета туох диэн хоруйдууруй?
Хатас орто оскуолата дистанционнай үөрэххэ көһөр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: 2ГИС
Бөлөххө киир

Управление иһитиннэрэринэн, оскуолаҕа ыксаллаах быһыы-майгы үөскээбэтэ, маассабай сутуллуу суох. Бүгүҥҥү туругунан ыарыы сэттэ түбэлтэтэ бэлиэтэммит.

Сэтинньи 5 күнүттэн дириэктэр бирикээһинэн үөрэх быстах кэмҥэ дистанционнай көрүҥҥэ көһөр, ону тэҥэ каникул кэмигэр ыытыллар тэрээһиннэр, консультациялар уонна уруок таһынааҕы айаннар тохтууллар.

Оскуолаҕа күн аайы дезинфекция, сууйуу-сотуу ыытыллар. Алтынньы 30 күнүгэр Гигиена уонна эпидемиология киинин исписэлиистэрэ уопсайа 4 тыһыынча кв.м. кэриҥэ иэннээх икки куорпуска бүтэһик дезинфекцияны оҥороллор.

Маны таһынан, ыарыһахтары кытта алтыспыт оҕолору дьиэлэринэн сылдьан көрөллөр. Бүгүн оскуола үөрэнээччилэриттэн, ону тэҥэ 7-с №-дээх Оҕо спорт оскуолатын уонна «Ситим» оҕо айымньытын киинин иитиллээччилэриттэн ПЦР-тест ылбыттар. 12:00 ч туругунан ону 558 оҕо ааспыт.

Үөрэх управлениета төрөппүттэр оҕолор туруктарын кэтээн көрөллөрүгэр, тус гигиенаны тутуһалларыгар уонна оргуйбут эбэтэр бытыылкалаах ууну эрэ иһэллэригэр ыҥырар.

Ыарыы бастакы сибикилэрэ билиннэҕинэ, оҕону дьиэтигэр хаалларан, бырааһы ыҥырарга сүбэлииллэр.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.