08.01.2026 | 10:25 | Просмотров: 151

Хас да светофорга суолу сатыы туоруур эрэсиим уларыйда

Куорат кэккэ уулуссаларыгар светофор сатыы дьону туоратар эрэсиимэ уларыйда.
Хас да светофорга суолу сатыы туоруур эрэсиим уларыйда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билиҥҥитэ бу эрэсиим холоон көрүү быһыытынан үлэлиир. Ол курдук, уулуссаны сатыы туоруур саҥа эрэсиим куорат түөрт, саамай элбэх сырыылаах, ол иһин ордук элбэх суол саахала тахсар учаастактарыгар турар светофордарга холбонно:

• Петр Алексеев уул. — Поярков уул.

• Петр Алексеев уул. — Орджоникидзе уул.

• Лермонтов уул. — Киров уул.

• Лермонтов уул. — Свердлов уул.

Ыйыллыбыт уулуссалар быһа охсуһууларыгар турар светофордарга күөх уот тэҥинэн холбонор, ону кытта тырааныспар сырыыта барыта тохтуур. Бу быраабыла тиэхиньикэ уонна сатыы дьон суолу былдьаһар балаһыанньаларын устар аналлаах. Маннык быһаарыыны суолга сэрэхтээх буолууну хааччыйар биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа ылыммыт.

Холоон көрүү эрэсиимэ тохсунньу ый бүтүөр диэри үлэлээбитин кэннэ сыанабыл оҥоһуллуоҕа, диэн t.me/ProAvtobusYkt иһитиннэрэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.