ХАС БИИРДИИ ДЬАХТАР ИҺИГЭР – “АНФИСА” БААР
Мин бүгүн Николай Габышев “Анфиса” кэпсээнин атын харахпынан көрөн, атын өйбүнэн, толкуйбунан ааҕан кэпсиэхпин, санаабын тиэрдиэхпин баҕарабын.
Тус бэйэм уус-уран суруйууну ырытааччы, идэтийбит кириитик да буолбатахпын, саха тылын үөрэхтээҕэ идэлээхпин, бэчээт эйгэтигэр үлэлээбитим 20-тэн тахса сыл буолла.
Суруйар, үлэлиир тиэмэм үксэ официальнай тылбаас буолара. Тыйаатырга, айымньыга биирдэ да кириитикэ, ырытыы диэни суруйан көрбөтөх киһибин. Онон бүгүн көннөрү тус санаабын суруйарга холоннум.
“Анфиса” кэпсээн суруллубут сыла – 1961. Бу сыл саамай улахан сабыытыйаларынан деноминацияны, ядернай бэрэбиэркэни, күөх экраҥҥа аан бастаан көрдөөх-нардаах биэрии – КВН – тахсыытын, Джон Кеннеди быыбарын, Сэбиэскэй Сойууспутугар Юрий Гагарин киһи аймах ортотугар аан бастакынан космоска көтүүтэ буолбуттара.
Дьэ, бу кэмҥэ ааҕааччыга тоҕоостоох кэмигэр бэрт хорсуннук суруллубут “Анфиса” кэпсээн тахсар. Тоҕо хорсуннук диир буоллахха, суруйааччы Николай Габышев манна аһаҕас, ол сахха бобуулаах да диэххэ дуу, тыҥааһыннаах соҕус түбэлтэлэри, түгэннэри ойуулуур. Мин 80-с сыллар саҥаларыгар “Сүрэх тэбэрин тухары” романы ааҕаары гыммыппын эдьиийдэрим, “өссө эрдэ, кыраҕын” диэн бобон, кистээн кэбиспиттэрин өйдүүбүн.
“Ким эрэ буута кылбаҥныыра, эмиийин тумуга көстөрө” оччотооҕу ааҕааччыга кырдьык да сирэйи тэтэрдэр, кулук-халык, уҥа-хаҥас көрүүгэ тиэрдэр түгэн этэ.
Айымньы дьоруойа Аркадий, бэл, Анфиса мөтөгөр түөстээх ыга ылбыт маҥан свитердээҕин көрөрүттэн кыбыстар. Онтон эриттэн куотан кини хоһугар киирэригэр, били, кылбаа маҥан свитерэ хайа тардыллан сыа маҥан санна, кэтит кыһыл эминньэхтээх мап-маҥан толору эмиийэ көстүбүтүгэр Аркадий букатын да иэдэйэр.
Мин бу кэпсээҥҥэ баар Анфисаны сэтэрээбэппин, хата төттөрүтүн хайгыыбын. Билигин кини курдук “анфисалар” элбэхтэр: дьиэ аайы да бааллар. Дьиэ аайы диэн куорат элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин этэбин. Кэпсээҥҥэ сурулларынан, Анфиса олус кыраһыабай, онно эбиитин бааһынайдыҥы хааннаах. Хайдаҕын да иһин, бэйэтин атаҕастаппат, оҕолорун олус таптыыр, бүгүрү үлэһит, ыраас, чэнчис дьахтар. Кини хас биирдии дьахтар курдук дьоллоох буолуон баҕарар. Кинини атаҕастаабат, кинини таптыыр киһилэниэн баҕарар. Онон хас биирдии дьахтар иһигэр – Анфиса баар диибин.
Кинини содур, сэлээччэх, өссө уоруйах, ылыгас диэн холуннараллар. Дьиҥэр, кини олус чиэһинэй эбээт. Ыарахан олохтоох, эриттэн кырбанар, атаҕастанар дьахтар бэйэтин бэйэтэ көмүскэммэтэҕинэ, ким көмүскүөй?!
Мин бу аат суолтатын интэриэһиргээн аахтым. Ол курдук, “Анфиса – кэрэ дьүһүннээх, нарын-намчы” диэн. Омос көрдөххө, аанньал курдук буолбутун иһин, иһэ-истээх. Тас көрүҥүнэн эрэ буолбакка, эниэргийэтинэн, булугас өйүнэн киһини тардар. Муодунай, үрдүк хобулукка хаамар, эр дьон болҕомтотун күүскэ тардар эбит. Сүрэхтэрэ ууллубут эр дьон кини угаайытыгар хайдах баҕарар киирэн, бэлэҕинэн, минньигэс тылынан көмөн кэбиһэллэр.
Дьэ, ити! Хайдахтаах курдук Анфисаный, биһиги Анфисабыт! Ылан көрүөҕүҥ “Вечный зов” Анфисатын. Эдэригэр төһө да курбууланан кыыс оҕото буоллар, кэлин тиһэҕэр аһыныгас, сыыһатын барытын өйдөөн, алҕаһын туора сотон, Кирьянын харса суох көрдөөн булан ылар дии.
Онон биһиги кэммит анфисалара да ити кэпсээн, киинэ дьоруойдарын курдук аттыбытыгар бааллар. Ол тэҥэ хас биирдии киһи олоҕо туһунан кыһалҕалардаах, дьылҕалаах. Онон бу кэпсээни урут ааҕан баран, Анфисаны сүөргүлээбит, сэлээччэх дьахтар курдук омсолоох дьоруой оҥорбут эбит буоллахпына, билигин ончу атын харахпынан көрдүм, ылынным.