13.10.2026 | 14:30 | Просмотров: 108

Харах балыыһатыгар сэдэх ыарыылаах оҕолору көрдүлэр

Саха сиригэр «Люди-маяки» аһымал пуонда «Сэдэх экспедиция» бырайыага олоххо киирэр.
Харах балыыһатыгар сэдэх ыарыылаах оҕолору көрдүлэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА
Бөлөххө киир

Бүгүн, алтынньы 13 күнүгэр, академик Н.П. Бочков аатынан Мэдиссиинэ-генетика билим киинин исписэлиистэрэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатыгар сэдэх ыарыылаах оҕолору көрдүлэр.

 "Люди-маяки" аһымал пуондаҕа дириҥ махталбын биллэрэбин. Пуонда бэрэстэбиитэллэрэ биһиги ыҥырыыбытын ылынан, Саха сиригэр кэллилэр, академик Бочков аатынан Мэдиссиинэ-генетика билим киинин исписэлиистэрин аҕаллылар. Бу удьуорунан бэриллэр, ол иһигэр сэдэх ыарыыларынан дьарыктанар федеральнай киин. Ону таһынан, пуонда Доруобуйа харыстабылын 1-кы №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһатыгар – Национальнай мэдиссиинэ киинигэр – оҕолору көрөргө туттуллар мэдиссиинэ тэрилин бэлэхтээтэ, маныаха туспа махтал! Бу исписэлиистэрбит үлэлэригэр төһүү күүс буолуоҕа», – диэтэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын сүрүн бырааһа Иван Луцкан.

Бырайыак чэрчитинэн 25 оҕону көрөр былааннаахтар. Удьуорунан бэриллэр харах дьэҥкир бүрүөтүгэр уонна сетчаткаларыгар патологиялаах, глаукомалаах уонна да атын ыарыылаахтарга ураты болҕомтону уураллар. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Алдан оройуонун олохтооҕо Елена Пименова кэргэнин кытта 2,5 саастаах уолларын көрдөрө сылдьаллар. Кырачааннарыгар билиҥҥэ диэри чопчу диагноһы туруора иликтэр эбит. Төрөппүттэр исписэлиистэр үлэлэрин үрдүктүк сыаналаатылар.

«Түмүкпүтүн долгуйа кэтэһэбит.  Икки ыйынан эрийэн, салгыы тугу гынарбытын этиэх буоллулар», – диэн кэпсээтэ.

«Сэдэх экспедиция» бырайыак дойду бастыҥ мэдиссиинэ кииннэриттэн ыраах олорор оҕолорго уонна дьиэ кэргэттэргэ туһуланар.  Быраастар салгыы көрдөрүү ньымаларын быһаараллар уонна наада буоллаҕына, дьиэ кэргэттэри дириҥ чинчийиигэ уонна эмтэниигэ ыыталлар.

«Люди-маяки» аһымал пуонда оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо тиһиктээх көмөнү оҥорор.

 

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп