06.10.2026 | 13:16 | Просмотров: 126

Хараҕы сынньатар судургу эрчиллиилэр

Киһи хараҕа күн устата сылайар, ноҕуруускаланар. Ордук көмпүүтэр иннигэр олорон үлэлиир дьон харахтара түргэнник мөлтүүр.
Хараҕы сынньатар судургу эрчиллиилэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Бу судургу эрчиллиилэри күн аайы хатылааҥ.

  1. Хараххытын күүскэ симэн баран, дириҥник өрө тыыныҥ. Моой, сирэй, төбө быччыҥнарын күүрдүҥ. 2–3 сөкүүндэ тыыҥҥытын тутуҥ, онтон тыыҥҥытын түргэнник таһааран баран, хараххытын киэҥник арыйыҥ. Маннык 5-тэ хатылааҥ.
  2. Хараххытын симиҥ, көмүскэҕит уҥуоҕун (надбровные дуги) уонна хараххыт олоҕун массажтааҥ – мурунтан чэчэгэйгэ диэри бытаан хамсаныынан.
  3. Хараххытын симиҥ, хааскытын төһө кыалларынан сымнатыҥ. Хараххытын симэн олорон, хаҥастан уҥа диэки, онтон уҥаттан хаҥас диэки көрүҥ. 10-на хатылааҥ.
  4. Тарбаххыт төбөлөрүн чэчэгэйгитигэр ууран, сэрэнэн баттааҥ уонна 10-на түргэнник, чэпчэкитик чыпчылыҥнааҥ.
  5. Хараххытын симиҥ уонна 2–3-тэ дириҥник өрө тыыныҥ. Бу эрчиллиини 3–5-тэ хатылааҥ.

Хараххытын харыстааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп