28.05.2026 | 13:23 | Просмотров: 217

Хараҕы оннугар түһэрии босхо буолуоҕа

Арассыыйаҕа катаракталаах пациеннарга аналлаах «Ясень» диэн ураты линзаны оҥорон саҕалаатылар. Маны босхо, ОМС полиһынан туруоруохха сөп. Бу туһунан РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Хараҕы оннугар түһэрии босхо буолуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Арассыыйаҕа катарактаҕа харах бэйэтин хрусталигын солбуйар «Ясень» диэн дойдуга оҥоһуллубут интраокулярнай линзаны оҥоруу саҕаланна. Кини НМИЦ МНТК «Микрохирургия глаза» С.Н. Федоров Арассыыйатааҕы Доруобуйа харыстабылын баазатыгар оҥоһуллар», — диэн министиэристибэ иһитиннэриитин «Интерфакс» суруйар.

Бастакы түһүмэххэ сылга 12 тыһыынча линзаны оҥоруу былааннанар. Салгыы бу кээмэйи 25 тыһыынчаҕа диэри улаатыннарыахтара.

Линза харах мөлтөхтүк көрөр хрусталигын ылан баран ол оннугар угарга аналлаах. Эпэрээсссийэ кэнниттэн пациеннар ачыкы кэтэллэриттэн аккаастаныахтарын сөп. Катаракталаах уонна сааһынан ырааҕы көрбөт (дальнозоркость) буолбут гражданнарга, линза ырааҕы уонна чугаһы көрөргө кыаҕы биэриэҕэ.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бу медицинскэй оҥоһук клиническэй тургутуу толору түһүмэҕин ааспыт уонна пациеннарга киэҥник туһанылларга бэлэм.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.