06.10.2026 | 19:00 | Просмотров: 92

Хаппыыста хаһаанар кэм кэллэ

Тууһуурга ханнык хаппыыста барсарый? Сыаната төһөнүй?
Хаппыыста хаһаанар кэм кэллэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бастатан туран, хаппыыстабыт быйылгы сибиэһэй буолуохтаах. Хаппыыста кытаанах, сүмэһиннээх буоларын баттаан көрөн бэрэбиэркэлиибит. Тас өттүгэр бааһа, улахан кирэ суох буолуохтаах.

 Крестьянскай ырыынакка тууһаан хаһаанарга саамай барсар “Мегатон” (норуокка биллэринэн, “Слава”) диэн сүмэһиннээх суорду олохтоох фермердэр куулунан ылааччыларга бүгүн 70 солкуобайга биэрэ тураллар. Киилэнэн ылааччыларга сыана араастаһар – 80-85 солк. Уус Алдан, Нам, Хаҥалас хаппыыстата атыыга хамаҕатык барар.

Оттон хаппыыстаны тууһааһыҥҥа хайаан да эбилик буолар, аматаны тупсарар моркуоппут кытаанах, амтаһыйдахха саахардаах курдук минньигэс буолуохтаах. Атыылааччылартан амсатан көрөллөрүгэр көрдөстөххө аккаастаабаттар. Моркуоп киилэтэ билигин 70-80 солк.

Хаппыыстаттан “Битэмииннээх салааты” оҥорон хаһаанааччыларга хайаан да болгарскай биэрэс наада. Ырыынакка киилэтэ 200-250 солк. сыаналаах. Биэрэс атыыга олох аҕыйаабыт, былдьаһык да буолбут диэххэ сөп.

Лайфхактар:

Хаппыыстаны синньигэс гына кырбаан баран кыратык тууһуубут уонна 1-2 мүнүүтэ илиибитинэн имитэ түһэбит уонна туруора түһэбит. Күүскэ имитэр, илдьиритэр наадата суох – хаппыыстабыт хачыгыраабат буолан хаалыаҕа. Сүмэһинэ тахсыбытын кэннэ салгыы атын састааппытын эбэн тууһаан кэбиһэбит.   

Саппараапкалыырбытыгар үгэс быһыытынан мас арыытын уксустаан туттабыт. Манна саахар оннугар мүөтү эптэххэ амтана өссө тупсар.

Хаппыыстаны тууһаан баран дьиэҕэ туруораргытыгар амтаһыйа сылдьан бэрэбиэркэлээҥ. Аһара сымнатар наадата суох.

“Йодированнай” диэн туус хаппыыста тууһуурга барсыбат – дьуот аһыйыыны бытаардар. Туус бөдөҥ буолуохтаах, олохтоох Кэппэндээйи тууһун туттуохха сөп.

Аһытыы барарыгар дьиэҕэ 18-22 кыраадыс сылаас буолара наада.

Тимир баттатыы, тимир  иһит хаппыыстаны тууһааһыҥҥа барсыбат.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.