Ханнык мастары олордоҕут?
Ол курдук, биһиги кылгас сайыммытыгар чуолаан атырдьах ыйын 20 чыыһылатын эргин кыстыыр үүнээйилэри олордон саҕалаатахха, сир тоҥуор, хаар түһүөр диэри силис тардан, кыстыкка бэлэм буолаллар.
"Киин куорат" дьиэ кэргэҥҥэ дьолу-соргуну тардар үүнээйилэр испииһэктэрин булла.
Сарбынньах (рябина) – дьиэни, дьиэ кэргэн нус-хас олоҕун харыстыыр аналлаах. Сарбынньаҕы олбуор аанын таһыгар олордоллор.
Калина – дьиэ кэргэн, таптал уонна ууһу, удьуору тэнитии маһынан биллэр.
Сирень – уу нуурал олох, эйэҕэс, үтүө сыһыан бэлиэтэ.
Чубушник – истиҥ уонна эйэҕэс сыһыан. Кинини дьиэ кэргэн таһырдьа сөбүлээн сынньанар сиригэр, беседка эҥин таһыгар олордоллор.
Долохоно (боярышник) – дьиэ кэргэн аал уотун харыстыыр аналлаах. Онон тиэргэн олбуорун кыйа олордоллор.
Дьаабылака – баай-байылыат олох аргыһа. Үгүс астаах, отонноох маһы баайы кытта ситимнииллэр.
Липа – эйэлээх буолуу бэлиэтэ. Липа анныгар дьиэ кэргэн чэйдиир, сынньанар миэстэ тэриниэн сөп.
Хаппырыас (харас, черемуха) куһаҕан тыыннартан харыстыыр дииллэр. Ол эрээри аллергиялыыр дьоҥҥо кутталлаах.
Хатыҥы эмиэ хаппырыас курдук олбуор таһыгар олордор ордугун бэлиэтииллэр. Акация уһун үйэлэнии, ыраас таптал бэлиэтинэн биллэр.
Эһиги ханнык мастары олордоҕут?