Ханнык баҕарар баан банкоматыттан уу харчыны бэйэ счетугар ыытыахха сөп
Бу алтынньы ыйтан саҕалаан, СПБ-ны туһанар кыах кэҥээн биэрдэ. Сүрүнэ, ол харчыгын угар банкоматыҥ баана СБП-нан үлэлэһэр буолуохтаах.
Ити гынан баран, биир “ноолоох”. Биир ый иһигэр ити курдук элбээбитэ, уопсайа 200 тыһ. солк. ыыттарыахха сөп. Оттон биир угууга муҥутаан элбээбитэ 25 тыһ. солк. көҥүллэнэр. Сууккатааҕы лимиит кээмэйэ – 50 тыһ. солк. диэри.
Итини таһынан чааһынай быраактыканан дьарыктанар нотариуска, кэбиниэт астан үлэлиир адвокаттарга, медиатордарга, арбитражнай управляющайдарга, оценщиктарга, патент итэҕэллээх дьонугар ыытар төлөбүрү эмиэ СПБ-нан да ыытыахха сөп буолбут.
Бу туһунан Арассыыйа Киин баана бу дьыл бэс ыйын 23 күнүгэр таһаарбыт 7374-У нүөмэрдээх ыйыыта тахсыбыта. Оттон ол дьиҥ олоххо алтынньы 1 күнүттэн күүһүгэр киирбит.