Хамнаспытын сыыппара солкуобайынан ылыахпыт дуо?
Сыыппара солкуобайы киэҥник туһаныы Арассыыйаҕа балаҕан ыйын 1-гы күнүттэн саҕаламмыта. Бөдөҥ бааннар уонна хампаанньалар хото киллэрэн эрэллэр.
Хамнаһы сыыппараҕа көһөрүү үлэһит баҕатынан оҥоһуллар.
Бүддьүөт эйгэтин сыыппара солкуобайга көһөрүүнү Үп министиэристибэтэ, Арассыыйа баана сүрүннүүллэр. Бастакы эксперимент быһыытынан сыыппара солкуобайынан төлөбүрдэри былырыын саҕалаабыттара – истипиэндьийэлэри, хамнастары, хантыраагынан төлөбүрдэри ыыппыттар.
Алтынньы 1-кы күнүттэн Үп министиэристибэтин үлэһиттэрэ хамнастарын сыыппара солкуобайынан ылбыттар. Маныаха кинилэр сыыппара солкуобай счетун арыммыттар. Харчы Арассыыйа баанын биир кэлим платформатыгар эрэ харайыллар. Сыыппара солкуобайынан мобильнай сыһыарыы нөҥүө туһаналлар.
Сыыппара солкуобайынан судаарыстыба хааһынатын, бүддьүөт уонна автономнай тэрилтэлэргэ төлөһүөххэ сөп.