Халаан уута Сыбаатай бөһүөлэгэр 8 тиэргэни ылбыт
Саха сиринээҕи Гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управлениета иһитиннэрбитинэн, Алаһыай эбэ уутун таһыма Орто Халыма улууһун Сыбаатай бөһүөлэгин туһаайыытынан, сарсыарда 711 см буолбут. Ол эбэтэр биир суукка иһинэн 3 см эбиллибит. Кутталлаах кирбии итиннэ – 750 см. Уу таһыма бу тэтиминэн салгыы үрдүүр түгэнигэр ити таһымҥа бэс ыйын бүтүүтэ, от ыйын саҕаланыыта тиийиэн сөп диэн сабаҕалыыллар. Эмискэ эбиллэн кэлиэн эмиэ сөп. Айылҕа күүһүн дьаһайбыт суох. Инньэ гынан, халаан туруга үрдүкү былаас уонна суһал көмөнү оҥорор сулууспалар ураты болҕомтолоругар киирбит. Бу туһунан суһал штаб мунньаҕар кэпсэппиттэр.
Иккис Мээтис нэһилиэгэр (Сыбаатай) суһаллык дьаһаныыга бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэриллибит.

Улуус баһылыга Иван Лаптев иһитиннэрбитинэн, билиҥҥитэ 8 тиэргэн ууга барбыт. Бу дьиэлэргэ 22 киһи олорор. Ол иһигэр 6 оҕо баар. Быстах кэмҥэ олорон эрэргэ сөптөөх дьоҕус пуун бэлэм. Туох ирдэнэринэн толору хааччыйбыттар. Сүөһүнү-сылгыны уу ылбат сирдэригэр көһөрөллөр. Олох-дьаһах уонна социальнай салаа тэрилтэлэрэ олоҕурбут эрэсииминэн үлэлии тураллар. СКЭни ыытыыга уустук суох.
Алаһыай үөһэ тардыытыгар уу таһыма намтаабыт диэн, балаһыанньа мантан салгыы мөлтөөбөтүгэр эрэнэллэр. Оннук буоллар ханнык!