13.02.2026 | 12:05 | Просмотров: 171

Хаары тиэйтэриигэ туох ирдэнэрий?

Олунньу 1 күнүттэн бэс ыйын 1 күнүгэр диэри биллэриллибит түөрт ыйдаах санитарнай ыраастаныы иитинэн хаары тиэйии саҕаланна.
Хаары тиэйтэриигэ туох ирдэнэрий?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Киин куорат» ааҕааччыларга хаары хантан ким ыраастыыр, тиэйтэрэр, хаар анаалыһын ким туттарар эбээһинэстээҕин, сайаапканы ханна биэрэри, итини сэргэ быраабыланы кэһии иһин туох эппиэтинэс күүтэрин быһаарар:

Ким хантан тиэйиэхтээҕий?

«Якутдорстрой»: уулусса-суол ситимэ (суол, бордюр таһа, оптуобус тохтобула);

Управалар: кыбартааллар истэринээҕи хаар;

Салайар хампаанньалар уонна ТСЖ: элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр тиэргэннэрэ, сарай, кирилиэс, тротуар;

– Кэтэх ыаллар: тиэргэннэрин иһэ.

– Балыыһа, оскуола, уһуйаан курдук социальнай эбийиэктэр: курируйдуур биэдэмистибэлэр.

 

Хаар анаалыһын ким туттарар?

Тиэйиллибит хаары Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар полигон босхо тутар! Ол эрээри... туттарыллар хаарга анаалыс ирдэнэр. Чуолаан, тиэйтэрээччи «Якутдорстрой» АУо тэрилтэ аатыгар массыына нүөмэрин, анаалыс түмүгүн сыһыаран сайабылыанньа тиксэрэр.

Чааһынай сектордартан хаарга анаалыһа ирдэммэт.

Хаар химическэй анаалыһын оҥорор лабораториялар: 

Өрөспүүбүлүкэтээҕи экология мониторинын информационнай-ырытар киинэ: 202-с түөлбэ, 18/2, 2-с этээс (201 каб.), +7 (4112) 43‒62‒77, +7 (4112) 43‒65‒12;

Лабораторнай анаалыс уонна тэхиньиичэскэй кээмэй киинэ: Ленин пр., 35, 1 этээс, +7 (4112) 21‒96‒01

Лабораторнай анаалыс уонна тэхиньиичэскэй кээмэй киинэ: Ойуунускай уул., 6г, 2 этээс, +7 (4112) 36‒60‒88. 

 

Быраабыланы кэһии иһин ыстараап күүтэр

Тиэйтэриэх иннинэ хаары уулуссаҕа, көҥүлэ суох сиргэ кыстыыр көҥүллэммэт.

Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылатын кэһии иһин СӨ КоАП 6.25 ыстатыйатынан сэрэтииттэн саҕалаан, харчынан ыстараапка диэри эппиэтинэс күүтэр:

- граждары – 1 000 солкуобайтан 3000 солк. диэри;

- дуоһунастаах сирэйдэри – 10 000 солк. саҕалаан 30 000 солк. диэри;

- юридическэй сирэйдэри – 50 000 солк. саҕалаан 500 000 солк. диэри.

Наадалаах төлөпүөннэр:

Хаары ыраастааһын, тиэйтэрии боппуруостарынан төлөпүөннэр:

ЕДДС (суукканы эргиччи үлэлиир): 44-45-64;

Колл-киин (09:00-18:00 чч.): 300-888.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.