06.10.2026 | 21:52 | Просмотров: 95

Хаары, халтарааны утары үлэ суукканы эргиччи барар

Инчэҕэй хаар түһэринэн сибээстээн, суолга халтараан саҕаламмытынан Олохтоох дьаһалта суол сулууспаларын үлэлэрин күүһүрдэр.
Хаары, халтарааны утары үлэ суукканы эргиччи барар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Суол-тырааныспар сулууспата
Бөлөххө киир

Билигин киин куорат уулуссаларыгар 72 хомунаалынай уонна суол сулууспатын үлэһиттэрэ, 57 анал тиэхиньикэ үлэлии сылдьаллар.

Суукканы эргиччи уулуссаларга халтарааны сэрэтэр үлэ ыытыллар. Мууһурбут суоллары ыраастааһын, кутталлаах учаастактарга кумах ыһыы оҥоһуллар. Улахан болҕомто суолу турааһыннарга уонна социальнай эбийиэктэр таһынааҕы суолларга ууруллар.

Олохтоох дьаһалта суоппардары сэрэтэр:

- Бытааннык айаннааҥ уонна атын көлөлөртөн тэйиччи буолуу быраабылаларын тутуһуҥ. Халтарааҥҥа массыына туорумастыыр суола уһаан биэрэрин умнумаҥ.

- Эмискэ эргийэртэн, балаһаттан балаһаҕа көһөртөн, соһуччу туорумастыыртан сэрэниҥ.

- Массыынаҕыт шинатын, туорумаһын туругун көрүнүҥ.

- Массыынаҕытын көҥүллэммит эрэ сирдэргэ туруоруҥ, анал тиэхиньикэ үлэлииригэр мэһэйдэри үөскэтимэҥ.

Сатыы сылдьар дьоҥҥо:

- Хобулуга суох, халтарыйбат атах таҥаһын кэтиҥ, эбэтэр халтарааны утары атах таҥаһыгар иилиллэр тэриллэри туттуҥ.

- Бытааннык хаамыҥ, мууһурбут сирдэри тумна сатааҥ.

- Илиигитин сиэпкитигэр уктан баран хаамымаҥ – охтор түгэҥҥитигэр тутуһаргытыгар табыгастаах буолуоҕа.

- Суолу туоруургутугар массыыналар бары тохтообуттарын эрэ кэннэ туорааҥ. Халтарааҥҥа массыына ылла да тохтуу охсубат, туорумастыыр суола уһуур - сэрэхтээх буолуҥ!

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.