Хаардаах кэмҥэ хаамыахха!
Нейробиологтар этэллэринэн, дэхси, көнө суолунан сылдьар киһи мэйиитэ улаханнык үлэлии сатаабат, этэргэ дылы, атаҕа ханна илдьэринэн барар эбит. Оттон хаар – атын эйгэ, киһи хас биирдии хардыыта, судургутук быһаардахха, толкуйу эрэйэр. Бу кэмҥэ хас хамсаныытын хонтуруоллууругар мэйиичээнэ (мозжечок) күүскэ үлэлиир, онно эбии мэйии хах араҥата уонна полушариелара кыттыһаллар.
Сороҕор хамсаныы, чуолаан хаар устун хаамыы мэйии үлэтин ордук тэтимирдэр эбит. Кырдьык, өйдөөн көрөөрүҥ эрэ, ардыгар уу чуумпуга олорон үлэлии сатаатахха, туох да туолкалаах тахсааччыта суох. Ол оннугар кыратык дьаарбайа түһэн киирдэххэ, өйүҥ-санааҥ дьэҥкэрэн кэлэр, үлэҕин ааһан иһэн дайбыыгын.
Дьэ, ол иһин нейробиологтар өй-санаа мөккүөрүгэр туохха эрэ кэлэн иҥнэн хааллаххытына, туруҥ уонна таһырдьа тахсан хаамыҥдиэн сүбэлииллэр.
Хаарбыт барахсан хаачыргыыра даҕаны үчүгэй буолбаат?