29.10.2026 | 12:30 | Просмотров: 72

Хааһына үбэ төһө сөпкө тыырылларыттан олох хаачыстыбата тутулуктаах

Куорат бүддьүөтүн барыла иккис ааҕыыга киириэн иннинэ куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах дьокутааттар илэ көрсөн дьүүллэстилэр
Хааһына үбэ төһө сөпкө тыырылларыттан олох хаачыстыбата тутулуктаах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ дьокутааттар икки ардыларынааҕы «Столица» ассоциация  мунньаҕа буолла. Онно куорат Дууматын уонна куорат уокуруктарыттан Ил Түмэҥҥэ дьокутаатынан талыллыбыт норуот итэҕэлээхтэрэ уонна Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Кэпсэтии туллар тутаах тиэмэтэ – кэлэр 2028-2029 сыллары учуоттаан торумнанар кэлэр 2027 сыллааҕы Дьокуускай бүддьүөтүн барылын дьүүллэһии, этиилэри киллэрии буолла. Бүддьүөт барылын иккис ааҕыытыгар хайаан да киириэхтээх, эбиллиэхтээх диэбит хайысхаларыгар тохтоотулар.

Ону тэҥэ хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү, тулаайах оҕолору дьиэлээһин боппуруостарын көрдүлэр. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна СВО-ҕа суох буолбут байыастар дьиэ кэргэттэригэр уонна элбэх оҕолоохторго бэриллэр сир учаастактарыгар инженернэй коммуникациялары киллэриини таарыйдылар. Нюргуяна Заморщикова ити сыалга төһө-хачча үп барарын, чопчу сметатын, техусулуобуйатын туоһуласта, ыйытык ыытарын биллэрдэ. Хааһына үбүн хас биирдии кэппиэйкэтин туһаныы аһаҕас уонна чопчу буолуохтаах.Куорат мэдиссиинэтин инфраструктуратыгар эмиэ тохтоотулар. Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Давыдова куоракка эбии саҥа поликлиника наадатын этэн туран, ити боппуруоска эрдэттэн үлэлэһэр наадатын үллэһиннэ.  Киин куорат кэҥиир, улаатар, ону кытта тэҥинэн эмтиир, дьон доруобуйатын көрөр-истэр тэрилтэлэр ноҕоруускалара улаатан иһэр. Ити кыһалҕа бэбиэскэттэн тахсыа суохтааҕын эттэ.
 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.