Госдуума дьокутааттарын орто сааһа
(Салгыыта, үһүс чааһа)
Госдуума дьокутааттарын орто сааһа
Билиҥҥи дьокутааттар саҥа талыллар кэмнэригэр, Киин быыбардыыр хамыыһыйа чахчытыгар сигэнэр буоллахха, орто саастара 53 тэҥнэһэрэ.
Эспиэрдэр уонна СМИ санааларынан, бу түгэн – дойду парламенын историятыгар аҕа саастаахтар муҥутуур элбээбиттэрин туоһута. Ол курдук, иннинээҕи парламеннарга дьокутааттар орто саастара 46-50 саас иһигэр халбаҥныыра. Холобур, бастакы Судаарыстыбаннай дуумаҕа талыллыбыттар орто саастара 45 саас 8 ыйга тэҥнэһэрэ. Сыыйа ол улаатан, 7-с ыҥырыылаах мунньахха тиийэн, 52 сааска тиийбитэ.
“Ведомости” суруйарынан отут сыл иһигэр дьокутаат орто сааһа 7 сылынан улааппыт.
Бу иннинээҕи ыҥырыылаах мунньахха чуолаан “Саҥа дьон” баартыйа дьокутаттарын орто сааһа муҥутуур эдэрэ бэлиэтэнэр. Ол эбэтэр, оччолорго Госдуумаҕа кинилэр 19 дьокутааттаах эбит буоллахтарына, орто саастара... 37 уонна 3 ый эбит.
Саастаахтар, сэрэйиллэрин да курдук, КПРФ дьокутааттарын ортотугар бааллара. Хомуньуустар орто саастара 50 саас 8 ыйга тэҥнэһэрэ. Оттон “Биир Ньыгыл Арассыыйа” орто сааһа 48 саас 4 ый этэ.
Кэпсээбиччэ ситэрдэххэ, Госдуума үлэлээбит историятыгар саамай эдэр дьокутаат 2016 сыллааҕы быыбар түмүгүнэн Василий Власов билиниллэр. Кини норуот итэҕэлин ылар кэмигэр баара эрэ 21 сааһын 3 ый туолбут эбит.
Оттон бу иннинээҕи 8-с ыҥырыылаах мунньах саамай эдэр дьокутаата Георгий Арапов баара эрэ 22 саастааҕа. Манна даҕатан эттэххэ, бу күһүн саҥа талыллыбыт дьокутааттартан эмиэ кини муҥутуур балыс саастаахтара буолар. Ол эбэтэр, иккис болдьоҕор талыллыбыт.

Дьэ, оттон Госдуума историятыгар аарыма саастаах дьокутаатынан “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа чилиэнэ Владимир Долгиҕы ааттыыллара. Кини алтыс ыҥырыылаах мунньахха талылларыгарююю 87 хаарын санныгар түһэрбит кырдьаҕас этэ. 2013 сыллаахха Федерация Сэбиэтигэр көспүтэ. 2020 сыллаахха олохтон туораабыт.
Оттон бу иннинээҕилэртэн 8-с ыҥырыылаах мунньахха муҥутуур аҕа саастаахтара Владимир Ресин этэ. Кини оччолорго 85 саастааҕа. Оттон билиҥҥилэртэн саамай аҕа саастаахтара ким буолуой? Кини - Владимир Иосифович. Ытык киһи бу күһүн 90 сааһа томтойо туолбут.

Эбэн эттэххэ, кини уопуттаах дьокутаат. Госдуума VI, VII, VIII уонна IX ыҥырыыларын дьокутаата. Тутууга уонна ДьУоХХ кэмитиэтин чилиэнэ. РФ Үлэ дьоруойа. “Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иһин” уордьан толору кавалера. Москуба – бочуоттаах олохтооҕо.
Ол эбэтэр, Арассыыйаҕа 21 саастан саҕалаан, 90 сааһы туолаары да сылдьан, Госудуума дьокутаатынан талыллыахха сөп. Онон, этэргэ дылы, кимиэхэ да дьокутаакка хандьыдаатынан турунуу уонна дьон эрэлин ылан, дьокутаат буолуу хаһан да эрдэ, хойут да буолбатах.