08.03.2026 | 08:30 | Просмотров: 227

Госдуума бээтинсэҕэ дьахталлар үлэлиир күннэрин икки чааска кыччатарга этии киллэрдэ

Госдуума вице-спикерэ Борис Чернышов Арассыыйа үлэ уонна социальнай көмүскэл миниистирэ Антон Котяковка сурук ыытта, онно дьахталлар бээтинсэҕэ үлэлиир күннэрин орто хамнастарын киллэрэн туран икки чаас кыччатар туһунан этиллэр. Докумуон ТАССка бэрилиннэ.
Госдуума бээтинсэҕэ дьахталлар үлэлиир күннэрин икки чааска кыччатарга этии киллэрдэ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Дьахталларга орто хамнастарын быспакка эрэ, бээтинсэ үлэ күнүн икки чаас кылгатан олохтуур кыаҕы көрөргө көрдөһөбүн. Бу миэрэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай үлэһиттэргэ булгуччулаах буолуохтаах. Чааһынай тэрилтэлэр – бэйэлэрин быһаарыыларыгар”, – диэн Чернышов суруйбут.

Үлэ министиэристибэтин чахчытынан, дьахталлар ахсааннарынан дойдуга бары үлэһиттэртэн аҥаарын ылаллар. Арассыыйа дьахталларыгар үлэ нэдиэлэтэ ортотунан 37,2 чаас, бу 27 мүнүүтэнэн уһун, 2022 сыллааҕыга тэҥнээтэххэ. Эр дьоҥҥо үрдээһин түөрт эрэ мүнүүтэ.

Итини тэҥэ, Чернышов бэлиэтээбитинэн, Росстат чинчийиитэ көрдөрөрүнэн, дьахталлар дьиэ үлэтигэр уонна аймахтарын көрүүгэ-истиигэ күн аайы ортотунан 235 мүнүүтэни аныыллар, оттон 6-гар диэри саастаах оҕолоох дьахталлар үлэ күннэригэр 360 мүнүүтэни, субуотаҕа 392 мүнүүтэни атаараллар.

Парламентарий этэринэн, этиллибит хамсааһын дьахталлар толору сынньаналларыгар, дьиэ кэргэттэрин кытта бириэмэ атааралларыгар кыах биэриэҕэ.

Дьэ, бу этиини кэрэ аҥаардар туох дии саныыгыт, арааһа бары да сөбүлэһэрбит буолуо диэн эрэнэбин.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.