27.10.2026 | 15:02 | Просмотров: 78

ГИБДД, ИДьМ уонна ФНС ыытар суруктарын почтомат ячейкатыттан ылыахха сөп

Ити тэрилтэлэр эрэ буолбакка, атын биэдэмэстибэлэр эмиэ ыытар кыахтаахтар.
ГИБДД, ИДьМ уонна ФНС ыытар суруктарын почтомат ячейкатыттан ылыахха  сөп
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Арассыыйа Почтатын пресс-сулууспатын хаартыската
Бөлөххө киир

Мантан инньэ үөһэ ааттаммыт тэрилтэлэр суруктарын Арассыыйа почтатын отделениеларыгар баар почтоматтартан ылар кыах баар буолла. Ону ылар туһугар эпэрээтэри көрдөһөр, аралдьытар наадата суох. Суругу ылыы уһун бириэмэни ылбат.   

Сурук кэллэҕинэ килийиэҥҥэ суругу ыларга код уонна ол сурук төһө кэм күүтэрин туһунан пуш-уведомление эбэтэр СМС кэлэр. Почтомат дойду почтатын 3 100 салаатыгар үлэлиир.

«Килийиэн эпэрээтэргэ уочараттыы сатаабакка, атын ньыманан судургутук уонна бэрт кылгас кэм иһигэр суругу ылар кыаҕын кэҥэтиигэ үлэлэһэбит. Почтоматы дьон-сэргэ сөбүлээн туһанар. 2026 сылга үктэниэхтэн почтоматтартан  1,5 мөл. тахса суругу ыллылар», — диэн, Арассыыйа почтатын генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Максим Цыпин этэр.

Бу дьыл атырдьах ыйыттан почтоматтарга суруктар уонна бандероллар кэлэр буолбуттара. Ол иннинэ баһыылкалары уонна дьоҕус бакыаттары эрэ тутар этилэр.  Кэлбит суругу, баһыылканы, бандеролу ыларга, уһаабыта, биир мүнүүтэ барар дииллэр. Өскөтүн адресакка хас да ыытыы баар түгэнигэр барытын биир ячейкаҕа хаалыыллар, онон элбэҕи арыйа, саба сатыыр ирдэммэт. Бу өҥөнөн анараа ыытааччы киһи эбэтэр тэрилтэ ыытарыгар суруйбут төлөпүөнүн хаһаайына туһанар.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.