05.10.2026 | 14:33 | Просмотров: 74

Үгэс буолбут киинэ бэстибээлэ быйыл кыһын ыытыллар

Дьокуускайга сэтинньи 4 күнүттэн 9 күнүгэр диэри IX норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ ыытыллыаҕа. Бу тэрээһин быйыл аан бастакытын кыһын буолуоҕа.
Үгэс буолбут киинэ бэстибээлэ быйыл кыһын ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

«Аан дойду араас муннуктарыттан кэлэр ыалдьыттарбыт өрөспүүбүлүкэбит кыһыҥҥы кэрэтин, айылҕабыт уратытын уонна тыйыс усулуобуйаҕа олорон киинэни устар дьоммутун көрүөхтэрэ», – диэтэ бэстибээли тэрийээччи, «Сахафильм» салайааччыта Алексей Егоров.

Кини этэринэн, тэрээһини кыһын ыытар бэстибээл сүрүн тиэмэтин – Киһи уонна Айылҕа алтыһыытын – өссө киэҥник арыйар кыахтаах.

IX Дьокуускайдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин бырагырааматын толору кээмэйдээх киинэлэр күрэстэрэ, күрэххэ киирбэт уонна анал көрдөрүүлэр, дьыалабыай уонна үөрэх бырагыраамалара, айар көрсүһүүлэр уонна маастар-кылаастар киэргэтиэхтэрэ.

Бэстибээл сүрүн бирииһэ – «Кыһыл көмүс хаар ачыкыта» – толору кээмэйдээх бастыҥ киинэҕэ туттарыллыаҕа. Оттон дьүүллүүр сүбэ анал бирииһигэр тиксэр үлэҕэ, бастыҥ режиссерга, дьахталларга уонна эр дьоҥҥо бастыҥ оруол иһин «Үрүҥ көмүс хаар ачыкыта» туттарыллыаҕа.

Тэрийээччилэр кэпсээбиттэринэн, саха киинэлэриттэн кыайыылааҕы көрөөччүлэр бэйэлэрэ быһаарыахтара, ону сэргэ Саха сириттэн кыттар үлэлэргэ киинэ оператора Иннокентий Аммосов аатынан бастыҥ операторскай үлэҕэ анал бириис олохтонуоҕа.

Норуоттар икки ардыларынааҕы дьүүллүүр сүбэ састаабыгар Казахстантан, Монголияттан, Кытайтан, Арассыыйаттан уонна Саха сириттэн киинэ, тэлэбиидэнньэ уонна култуура биллиилээх маастардара киирэллэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.