11.10.2026 | 09:00 | Просмотров: 126

Гепатит С сэрэхтээх ыарыы

Сэрэххэ, көрдөрүнэ, бэрэбиэркэлэтэ сылдьар ордук.
Гепатит С сэрэхтээх ыарыы
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Вирустаах гепатит С көрүҥэ уһун кэм баарын биллэрбэккэ сылдьан, киһини өлөр өлүүгэ тиэрдэр кутталлаах ыарыылартан биирдэстэрэ. Быар ньиэрбэтэ суох буолан, биллэрбэт.

Баалатыы түмүгэр С гепатит циррозка, быар искэнигэр (араагар) кубулуйуон сөп. Төһөнөн эрдэ ити ыарыы вируһа буулаабытын быһаартараҕын да, оччонон үтүөрэр, быарга охсуутун кыччатар кыах улахан.

Ол да иһин, бу көрүҥ гепатиты «Уһун уонна көхтөөх олох» национальнай бырайыак чэрчитинэн эрдэ, баалыы илигинэ булаары, босхо чинчийии ыыталлар.

Бу 2026 сыл сыччах тоҕус ыйыгар эмчиттэр өрөспүүбүлүкэ 30 тыһыынчаттан тахса олохтооҕун скриниҥҥэ хаппыттар. Итинтэн 48 киһиэхэ ити ыарыыны утарсар антитела көстүбүт.

📍Маныаха биири бэлиэтиир тоҕоостоох: С гепатитынан ыалдьа сылдьан баран, эмтэммит, бэл, үтүөрбүт дьоҥҥо эмиэ итинник антитела хаалар. Эмчиттэр ону чопчулууллар, наада түгэнигэр салгыы чинчийэллэр.

Үчүгэйэ, 2024 сылтан бэттэх С гепатит антителатын бэрэбиэркэтэ улахан дьон диспансеризациятын бырагырааматыгар киллэриллибиттэр.

Диспансеризация быһыытынан,  25-тэн үөһэ саастаах дьон уон сылга биирдэ босхо бэрэбиэркэлэтэр бырааптаахтар.

Онон эрдэттэн скринини ааһар, анаалыс туттарар туһалаах.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.