Фонтан хаһан үлэлиэй?
Өрөспүүбүлүкэ болуоссатыгар баар фонтан эмиэ бэс ыйын 1 күнүгэр официальнайдык холбонуоҕа. Бу туһунан бүгүн «Саха» ГТРК эпииригэр Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, фонтан холбоноругар тиэтэйэр наадата суох.
— Халлаан улаханнык сылыйа илик диэххэ сөп. Фонтан бэс ыйын 1 күнүттэн хайаан да үлэлиэҕэ. Миэхэ эмиэ дьон суруйаллар, ыам ыйын 15 күнүттэн холбуоҕуҥ диэн. Ол эрээри фонтан холбоноругар бэлэмнэнии технологическай түгэнин өйдүөххэ наада. Фонтан тэрилэ сир анныгар баар, дьон ону көрбөт. Бу олус судургу дьыала буолбатах. Түүнүн билигин тымныы. Эрдэ холбоон кэбистэхпитинэ, ыарахан сыаналаах тэрил алдьаныан сөп, — диэн эттэ.
Онон, фонтаннар арыллыыларын Оҕо көмүскэлин күнүн бырааһынньыгар күүтэбит.