20.04.2022 | 13:00

Евгений Григорьев аһаҕас уруогу ыытта

Евгений Григорьев аһаҕас уруогу ыытта
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев муус устар 19 күнүгэр 31-с №-дээх орто оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэригэр обществознаниеҕа аһаҕас уруогу ыытта. Аһаҕас уруок муус устар  21 күнүгэр бэлиэтэнэр Олохтоох бэйэни салайыныы күнүгэр ананна. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Евгений Григорьев Дьокуускай куораты холобурдаан туран, оҕолорго олохтоох бэйэни салайыныы диэн тугун, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара туох боломуочуйалаахтарын, куорат баһылыга тугунан дьарыктанарын тиийимтиэтик өйдөттө. Көрсүһүү сыыйа формальнайа суох кэпсэтиигэ кубулуйан, үөрэнээччилэр куорат баһылыгыттан оскуолатааҕы сылларын, ону сэргэ куораты тупсарыы, оптуобус пааркатын саҥардыы, социальнай ситимнэр тустарынан ыйыталастылар. 
Кэпсэтии кэмигэр Евгений Григорьев оскуолаҕа үөрэнии – инники өттүгэр ситиһиилээх үөрэх сүрүн олуга буоларын бэлиэтээтэ. 
«Оскуоланы бүтэрдэххитинэ эһиги иннигитигэр араас суоллар арыллыахтара. Саамай кылаабынайа – бэйэҕит күүскүтүгэр, олоххо ситиһиилээх  буоларгытыгар эрэниэхтээххит», - диэтэ Евгений Григорьев.   
Кини этэринэн, ситиһии кистэлэҥэ – туруоруммут сыалы хайаан даҕаны ситиһэргэ уонна дьиссипилиинэҕэ. 
«Үрдүк чыпчааллары дабайар ыра санааланыҥ, ону олоххут сыала оҥостуҥ. Сыалы ситиһэргэ чопчу соруктары уонна болдьохтору туруоруҥ, итини ситиһэргэ күннээҕи үлэҕитин саҕалааҥ», - диэн түмүктээтэ куорат баһылыга.
Муус устар 8 күнүттэн 22-гэр диэри  Олохтоох бэйэни салайыныы күнүгэр анаммыт тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ол иһигэр оскуолаларга кылаас чаастара, үөрүүлээх линейкалар, аһаҕас уруоктар, уруһуй, өйтөн суруйуу, ааҕыы куонкурустара, интеллектуальнай уонна дьыалабыай оонньуулар, библиотекаларга кинигэ быыстапкалара, информационнай чаастар, хаартысканан быыстапкалар уо.д.а. буолаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...