24.04.2026 | 12:08 | Просмотров: 111

Евгений Григорьев 1 №-дээх оскуола тутуутун уонна халаан уутугар бэлэмнэниини бэрэбиэркэлээтэ

Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев бэйэтин солбуйааччыта Антон Алексеенконы кытта тутуу үлэтин хаамыытын уонна халаан уутугар бэлэм туругун бэрэбиэркэлээри куорат тутаах эбийиэктэрин кэрийдилэр. Кини үс тутаах хайысхаҕа ураты болҕомтотун уурда.
Евгений Григорьев 1 №-дээх оскуола тутуутун уонна халаан уутугар бэлэмнэниини бэрэбиэркэлээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бастакы пуун – билигин үлэ күүскэ оргуйа турар 1 №-дээх оскуола дьиэтин тутуу. Иккис эбийиэк – Ойуунускай уулуссата, Дежневтан Октябрьскайга диэри учаастакка национальнай бырайыак чэрчитинэн хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Хантараак быһыытынан үлэни барытын 2027 сылга түмүктүүр былааннаахтар.

Маны сэргэ мэр сааскы ириэрии кэмигэр сөптөөх ууну ыытыыны хааччыйыахтаах носуос станцияларын үлэтин бэрэбиэркэлээтэ.
Ураты болҕомто – Каландаришвили уулуссатыттан Петровскайга диэри учаастак. Билигин онно сири бэлэмнээһин бара турар, аны бэс ыйыгар аспаалы ууруу саҕаланыаҕа. Бу кэрчиги тупсарыыны толору түмүктүүргэ 2026 сылга суоттаналлар.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.