18.10.2026 | 10:00 | Просмотров: 186

ЭР ДЬОҤҤО СҮБЭ

Эр дьон айылҕаттан анаммыт, төрдү-ууһу тэнитэр кыахтарын уонна эттэрин-сииннэрин чөл туругун, күүстэрин-күдэхтэрин кырдьар саастарыгар диэри илдьэ сылдьалларын туһугар аҕыйах сүбэ.
ЭР ДЬОҤҤО СҮБЭ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бастатан туран, оҕо эрдэхтэн эти-сиини  дьарыктааһын, чэбэрдик, ыраастык  тутта-харана сылдьыы, биологическай  чаһы  тэтимин тутуһуу уонна өбүгэ саҕаттан кэлбит төрүт аспытын аһыыргыт көмөлөһүө.

Оттон эр  киһи  кыаҕын ииктиир, ууһуур  уорганнар  ыарыылара уонна  тымыр киртийиитэ биллэ мөлтөтөр.

Кремний – доруобай  буолуу төрдө.

Эр киһи  күүһүн  харыстыыр, сааһырыар дылы кыаҕын илдьэ сылдьарын туһугар кремнийдээх  аһынан аһыахтаах. Кремнийэ суох биир да организм сатаан олорор кыаҕа суоҕун өссө ааспыт үйэ XVIII-с үйэ  бүтэһигэр биллиилээх химик, минеролог, геохимик В.И. Вернадскай этэн турар.

Кремний – доруобай  буолуу төрдө. О.э. доруобуйабыт  38 %  кремнийтэн  тутулуктаах  эбит.  Бу эттик  Менделеев  таблицатын  атын үгүс эттигэ  киһи этигэр-сиинигэр баар буолуутун  хааччыйар, лаппа улахан оруоллаах.  Кырдьыыны  бытаардар, тымыр ыраас буолуутун,  мэйиигэ  импульс  барыытын  хонтуруоллуур.

Кремний сельдерэйгэ, дьаабылакаҕа, бобовайдарга, порей-луукка, аһыйбыт  үүккэ, подсолнух  сиэмэтигэр, хонуу  боруутугар, крапиваҕа, дөлүһүөҥҥэ, боҕуруоскай,  манчаары отторго, хреҥҥэ баар. Ону тэҥэ укуруопка, эриэппэҕэ, петрушкаҕа уо.д.а.  

Ордук үгүөрү кремний хонуу боруутугар (хвощ полевой) элбэх. Онон бу оту ууга оргутан иһиэххэ сөп. Биир остолобуой  ньуоска  бытарыйбыт боруу отун 2 ыстакан  ууга сүүрбэччэ мүнүүтэ  оргутан баран, сойута  түһэбит. Онтон  сиидэлиибит. Ыстакаан  уута  саһарыар  дылы  бу оҥорбут  суурадаһыммытын кутабыт уонна  биир күн устата иһэн бүтэрэбит. Ити курдук 10 күн иһэбит уонна биир оччо  күн тохтуубут. Өр иһиллибэт. Бүөр, быар уонна  хабах ыарыылаахтар сэрэнэн  иһиэхтээхтэр. Эмтэнэр бырааскытыттан сүбэлэтэргит ордук (!). Хонуу  боруутун  чэйэ  аптекаҕа  баар буолааччы. 

Саха  сиригэр  боруу от  тоҕус  көрүҥэ  үүнэнэр.  Үксэ  дьааттаах.  Эмтэнэргэ  хонуу  боруута  эрэ  барсар.  Бу оту бэс уонна от  ыйыгар  хомуйан  хатарабыт.  Күн  көрбөт  күлүктээх, салгыннаах  сиргэ  бэрт  түргэнник  хатар. Ону  бытарытан  баран,  таас иһиккэ  эбэтэр  таҥас  мөһөөччүккэ  уурабыт.  Сиигэ  суох  сиргэ.          

Бытарыйбытынан биир кыра ньуоска  боҕуруоскай  оту  уонна  биир оччо дөлүһүөн сибэккитин  холбоон, чэй оҥостон иһиэххэ сөп. Бу олус минньигэс уонна битэминнээх уонна  туһалаах чэй буолуоҕа.  Кини  эрекцияны  үрдэтэр. Маннык чэйгэ  өссө кучу уонна  хонуу боруутун  эптэххэ,  тымыр  күүрүүтэ  үрдүүр,  өссө  тестостерон  элбэхтик  синтезтэнэр.  Кучулаах  суурадаһыныттан уонна  чэйтэн  хаанарын баттааһына хамсыыр  дьон  сэрэниэхтэрин наада. Тоҕо  диэтэххэ,  сороҕор  тымыр  баттааһынын  эмискэ  түһэрэн  кэбиһиэн  сөп! 

Күүстээх  аҥаардар, этэргэ дылы,  эриэппэни  кытта  эйэргэһиэххитин  наада. 

Ол  курдук,  эриэппэ  сиэмэтин  хобордооххо  хатаран  баран  бытарытабыт. Икки  ыстакаан  бытарыйбыт  сиэмэҕэ  лиитир  ууну  кутан,  уонча  мүнүүтэ  тэптэрэн  ылабыт.  Сойбутун  кэннэ  сиидэлиибит  уонна  биир  улахан  ньуоска  мүөтү  эбэбит. Бу суурадаһыммытын  аһылык  кэнниттэн  кыра  чааскы  аҥаарынан  күҥҥэ  иккитэ  иһэбит.  Маннык  эмиэ оҥостуохха  сөп:  тыква сиэмэтин, хаппыт  сливаны, грецкэй  эриэхэни  хаҕыттан араара ылан, барыларын тэҥ кээмэйинэн,   блендэрдиибит. Амтанын  тупсаран, мүөт эбиэххэ сөп.   Онтукайбыт  хойуу  тиэстэ  курдук буолар.  Онтон  горох  сиэмэтинээҕэр  эрэ  бөдөҥ гына, кыра төгүрүктэри  оҥоробут. Аһылык  кэнниттэн  чаас  аҥаара  буолан баран,  биирдии  төгүрүгү  күҥҥэ  үстэ  сиигит. 

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.