09.06.2026 | 17:00 | Просмотров: 128

«Энергосбыт» аатыттан түөкүттэр эрийэллэр. Ылымаҥ!

Дьокуускайдааҕы «Энергосбыкка» кинилэр тэрилтэлэрин аатыттан эрийэн, албынныы сатаабыттарын туһунан гражданнартан иһитиннэриилэр киирэллэр.
«Энергосбыт» аатыттан түөкүттэр эрийэллэр. Ылымаҥ!
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

«Энергосбыт» аатыттан түөкүттэр эрийэллэр. Ылымаҥ!

Түөкүттэр араас мессенджеринэн прибордаргытын бэрэбиэркэлэтэргэ босхо суруйтарыҥ диэн ис хоһоонноох биллэрии ыыталлар уонна «маастар» төлөпүөнүн нүөмэрин ыйаллар. Түөкүннүүр албастарын схемата уларыйбатах – эрийдэххэ, араас төрүөтүнэн “Госуслуги” порталга баар тус кэбиниэккэ киирэр кодтары көрдүүллэр. Ону биэрдиҥ да,  бэйэлэрин интэриэстэригэр туһаналлар.

«Якутскэнергосбыт» өссө төгүл санатар: филиал үлэһиттэрэ СМС-кодтары уонна туһанааччы паролларын хаһан да көрдөөбөттөр. Уот прибордарын уларытыы уонна пломбаны олордуу, устуу даҕаны «Госуслуги» порталын нөҥүө барбат. Прибор бэрэбиэркэтигэр сыһыаннаах иһитиннэриини ДЭК Контакт-киинин 8-800-234-7777 нүөмэригэр эрийэн билиэххэ сөп. Энергетиктэр гражданнары түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбэт гына, олус болҕомтолоох буоларга сүбэлииллэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.