Эн эппэтэҕиҥ, Таҥара эппитэ буоллун!
Ону таһынан Эмиэрикэ Ираны кытта сэриитэ эмиэ түмүктэнэн эрэрин этэр эбит.
Ол туһунан ССТА бу курдук суруйар:
ВАШИНГТОН, Алтынньы 23 күнэ. /ССТА/. Украина иирсээнэ түмүктүүр түһүмэххэ чугаһаата. Онно бүк эрэллээҕин АХШ бэрэсидьиэнэ этэр.
"Мин аҕыс сэриини уонна субу уоттаах сэриигэ кубулуйаары гыммыт улахан иирсээни бэрээдэктээбитим (урегулировал). Олортон сорохторо субу саҕаланыахча буолбуттар этэ, оттон билигин өссө икки сэриини тохтоторго чугаһаатыбыт. Арассыыйа уонна Украина икки ардыларынааҕы иирсээн оннук түһүмэххэ кэллэ дии саныыбын", – диэбит Дональд Трамп Айова штатыгар кинини өйөөччүлэр иннилэригэр туран.
Трамп итиннэ АХШ сэриитэ эмиэ бэрт сотору түмүктэниэн эбэн эппит. "Хайдах быһыылаахтык ол түмүктэнэрэ миэхэ суолтата суох. Ол эрээри хайдаҕын да иһин сэриилэр тохтуохтара уонна бэнсиин, ньиэп сыаната аллара сурулуо” – диэн санаатын тиэрдибит.
Киһиргэһэ эмиэ бэргээбит диэххэ сөп этэ да, сэриилэр тохтоон, кыа хаан халыйара, эт-сиин сэймэктэнэр ыарахан быһыыта-майгыта тохтууругар күн баҕалаах дьон "оннук эрэ буоллун!" дэһэрбит эрэбил. Ама, ким сэрии тохтуон баҕарбат буолуой?!