Эмиий араагынан ыалдьыы орто сааһын быһаардылар
Арассыыйаҕа эмиий араагынан ыалдьыы орто сааһа 64–65 сааска тэҥнэһэр диэн, РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Н.Н. Блохин аатынан онкология Национальнай мэдиссиинэ чинчийэр киинин наукаҕа уонна үөрэхтээһиҥҥэ дириэктэри солбуйааччы, онкомаммология салаатын салайааччыта Александр Петровскай РИА Новостига иһитиннэрдэ.
Кини эмиий араагын сүрүн төрүөттэрин ааттаата. Онно уойуу, хат буолууттан уонна оҕону эмтэрииттэн аккаастаныы, аборт, хойутаабыт климакс уонна менопауза кэмигэр гормону солбуйар терапиянан үлүһүйүү, табахтааһын, арыгыны иһии киирэллэр.
«Бу барыта эмиий араагынан ыалдьар кутталы үрдэтэр», – диэн быраас чопчулаата.
Петровскай этэринэн, чөл олоҕу тутуһуу кутталы толору суох оҥорбот, онон дьахталлар диспансеризация бырагырааматын чэрчитинэн туһааннаах чинчийиилэри ааһыахтаахтар.
Эбэн эттэххэ, эмиий араага Арассыыйаҕа дьахтар аймахха тарҕаныытынан инники күөҥҥэ турар, холобур, аҥаардас 2023 сылга дойду үрдүнэн бу ыарыы 82,5 тыһыынча кэриҥэ түбэлтэтэ бэлиэтэммитэ.
Саха онкологтарын ситиһиилэрин туһунан манна киирэн аах.