01.11.2024 | 14:00

Эмэҕинэн имитиллибит тыс үйэлээх

Эмэҕинэн имитиллибит тыс үйэлээх
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Кыһыҥҥы таҥастарын – сайын, сайыҥҥы таҥастарын кыһын ылынар, бэлэмнэнэр дьон биирдиилээн баалларын истэбин. Биир бэйэм сайын, бэс ыйыгар унтуу ылынан турабын. Балачча чэпчэтиилээх этэ.

Бүгүн ааҕааччыларбар кыһын кэтэр унтуубут хайдах таҥас буолан кэлэрин, атыылаһыы, имитии, тигии туһунан Өлөөн оройуонун олохтооҕо, билигин куоракка кэлэн олорор 78 саастаах Лидия Васильевна Николаеваны көрсөн кэпсэттим.

Лидия Васильевна Өлөөн оройуонугар Сухаана нэһилиэгэр 1947 сыллаахха күн сирин көрбүт. Бииргэ төрөөбүт биэстэр эбит. 19 сааһыгар кэргэн тахсан, эдэр эрдэҕиттэн ыстаадаҕа олорбутун, сэттэ оҕолооҕуттан билигин иккитэ эрэ баарын, атыттара арааһынай быһылааннарга суох буолбуттарын кэпсээхтиир. Суох буолбут оҕолоруттан сиэннэр хаалбыттар. “Куоракка быстах кэлэн олоробун, балыыһаҕа сыппытым, улахан кыыһым уола анал байыаннай дьайыыга тиийэн баран сураҕа суох сүтэн хаалбыта, сылтан орто, була иликтэр. Бэйэбэр олорбут оҕом этэ, билигин дьиэм анараа Дьэлиҥдэҕэ иччитэх, кураанах тураахтыыр, ол иһин манна оҕолорбор баарбын”, – диэн Лидия Васильевна кэпсиир.

Салгыы кини иистэнэ-иистэнэ сэһэргиир: “Таба тириитэ атырдьах ыйынааҕыта, от ыйын бүтүүтэ үчүгэй буолар. Оттон тыһа атырдьах ыйын бүтүүтэ, балаҕан ыйын саҕаланыыта үчүгэйдик таҥастанар, онно түүтэ сөп, халтаҥ буолар, ону харалыыр диэн ааттыыллар. Таҥас тигэргэ ол үчүгэй. Өссө сэтинньи ыйдааҕылар үчүгэйдэр, онтон көбөөн барар, ол аата түүтэ уһуур, оччоҕо ичигэс буолар. Сааскы тыс түүтэ кэбириир, ол гынан баран үтүлүккэ үчүгэй, ичигэс, кыһыҥҥы тыс үтүлүккэ тымныы буолар.

Дьиэ табата кыыл ыстаадатыгар баран сүтэр, онно орооһоннор, бааһынай курдук буолаллар, онон киһи араарбат, көрдөххө, таба тыһын курдук буолар.

Химияҕа имитии олох куһаҕан, тыс тардан хаалар, өҥө халыҥ бөҕө буолар уонна хайыта бара сылдьар. Биһиги кыһыл эмэҕинэн, ол аата мас эмэҕирбитэ кыһыл эмэх диэн ааттанар, имитэбит. Саамай үчүгэй имии ол буолар. Былыргылар онон имиттэ сылдьыбыттара. Талкынан туттар киһи билигин аҕыйаҕа буолуо, холобур, мин онон туттубаппын. Химияҕа имитиигэ туохха эрэ угаллар уонна барабааҥҥа оҕустараллар, тирии онно имиллэр буолан баран, онтуҥ таҥас буоллаҕына өр барбат. Миэхэ тиктэрэ биэрээри гыннахтарына, тугунан имиппиттэрий диэн ыйытабын, кислотанан имитиллибити ылбаппын, иннэ да кыайан киирбэт буолар, куһаҕан, улахан баҕайы тыс хатаччы хатан, кыччаан, синньээн, эбиитин тириитэ наһаа халыҥыыр. Маҕаһыыҥҥа, ырыынакка кэчигирээн турар наһаа үчүгэй унтуулар сотору хайа баран хаалаллар. Онно барыта химиянан имиллибиттэр кыстанан тураллар, эмэҕинэн имиллибит суох. Уонна биир хос биэтэстииллэр, биһиги курдук хос-хос оҥорботтор.

Унтуу тиктэрэр киһи тыһын илдьэ кэлэр, ону таһынан стеганай таҥас, кытаатыннара тура сылдьарга анаан бириһиэн эбэтэр кытаанах соҕус таҥас уонна ичигэс буоларыгар ватин наада. Биһиги үс хос тутан тигэбит.

Унтууну сайынын уурарга сыттык хаатыгар, туох эрэ таҥас мөһөөччүккэ угар ордук. Иһигэр хаһыат эҥин симэн ууруохха наада. Итиигэ уурдахха алдьанар, онон оһоххо эҥин үтэн куурдубаккын. Ыраахтан тэйиччиттэн ууруохха сөп, сорохтор батарея үрдүгэр ууран кэбиһэллэр дии, онтулара уоттуйан хаалар.

Уопсайынан, бэйэ имитиитинэн тигиллибит унтуу быдан уһуннук барар, уонна оттон кэтэр киһи хайдах тутарыттан, харыстыырыттан эмиэ тутулуктаах буоллаҕа”.

“Лайфхак” диэн тыл билигин элбэхтэ туттуллар буолла. Ол аата түргэн-тарҕан сүбэлэр, олохпутун чэпчэтэр, судургутутар ньымалар.

1. Эти ириэрии

Өскөтүн микроволновай оһоҕуҥ суох буоллаҕына, эти уу көмөтүнэн түргэнник ириэриэххэ сөп. Эккин бакыаттаан баран миискэҕэ ук уонна үрдүгэр уута кут. Оргуйбут ууну кутар табыллыбат: этиҥ сыта-сымара дьаабыланыа.

 

2. Хобордооҕу сууйуу

Хобордооҕу түргэнник сууйарга уута кутуҥ, суоданы кымаахтаан быраҕыҥ уонна уокка туруоруҥ. Икки-хас мүнүүтэ оргутуҥ, ол кэннэ сууйан кэбиһиҥ, ас тобоҕо бэрт дөбөҥнүк суох буолуо.

 

3. Микроволновканы ыраастааһын

Эмиэ суода көмөтүнэн ыраастыахха сөп. 3 остолобуой ньуоска суоданы икки ыстакаан ууга кутуҥ. Булкуйан баран оһох иһигэр уган 10 мүнүүтэҕэ холбооҥ. Өссө 15 мүнүүтэ күүтүҥ, микроволновкаҕытын арыйыҥ уонна иһин сотон кэбиһиҥ.

 

4. Чэйи эбэтэр кофены сойутуу

Утаххыт түргэнник сойорун инниттэн хас да ньуосканы чааскыгыт иһигэр угуҥ. Манна итиини атастаһыы диэн уопут курдук барар, хаһан иккиэн биир температураны ылыахтарыгар диэри. Ол эбэтэр ньуоскаҥ итийэн биэрэр, оттон утаҕыҥ сойор.

 

5. Доруоһалаах тиэстэни бэлэмнээһин

Доруоһалаах тиэстэ куһаҕаннык тахсыа, өскөтүн кинини итии, салгын хамсаабат сиригэр уурбатаххына. Тиэстэҕэ сөптөөх килиимэти олохтуур туһуттан, микроволновкаҕа биир ыстакаан ууну оргутуҥ, ол кэннэ тиэстэлээх миискэҕитин онно угуҥ, салапаанынан бүрүйэн баран.

 

6. Суумканы ыраастааһын

Таҥаһы ыраастыыр ролигынан суумка түгэҕиттэн кытары ол-бу бытархай кири, чектары, мустубут быылы, бөҕү бэркэ ылыаххыт.

 

7. Таҥаһы ыраастааһын

Таҥастан түүнү, сыста сылдьар кири, кыра бөҕү скотч көмөтүнэн ыраастыахха сөп. Онуоха скотч сыстар өттүн ытыскыт тас өттүгэр эрийэн кэбистигит да, үлэлээн, ыраастаан барыаххытын сөп.

 

8. Таҥас замогун оҥоруу

Таҥас эбэтэр саппыкы эҥин замога кэлбэт-барбат, хара сылдьар буолар. Онно эйиэхэ боростуой харандаас көмөлөһүө. Замок тиистэрин харандаас төбөтүнэн сотон кэбиһиҥ да, халтарыйа сылдьыаҕа. Бу сыалга ханнык баҕарар крем эмиэ барсар.

 

9. Этикеткэни ылыы

Маныаха фен көмөҕө кэлиэ. Атыыласпыт иһиккэр, атын да малга ханна оҥоһуллубут этикетката, суруллубут сыаната сыста сылдьар буолааччы. Ону итии фенынан үрдэрдиҥ да, бэрт түргэнник туллан кэлиэ. 

 

10. Тарааҕы сууйуу

Баттаҕыҥ тарааҕын сууйарга, душка илдьэ киир. Баттаххын күүскэ шампууннаан дэлби күүгэннэ таһаар уонна сэрэнэн тараанан кэбис. Манна баттаҕыҥ суокка оруолун толорон, тарааххын ыраастаан кэбиһиэ.

 

11. Бытык хорунар крем бүтэн хааллаҕына

Саамай наадалаах кэмҥэ кремиҥ бүтэн хааллаҕына, баттах бальзама солбуйуон сөп. Хорунар сиргэр бальзамы бис уонна икки мүнүүтэ бытыгыҥ сымныар диэри кэтэс. Манна биирдэ туттуллар станок ордук, тоҕо диэтэххэ бальзам бытык хорунар тэрилиҥ биитин алдьатыан сөп.

 

12. Төлөпүөнү сэрээттээһин

Төлөпүөн түргэнник сэрээттэнэрин туһугар авиаэрэсиимҥэ туруор.

 

13. Клавиатураны ыраастааһын

Компьютерга үлэлииргэ сорохтор аһыыллар, бутерброд эҥин сиэхтэрин сөп. Онон клавиатураҕа киһи таба туппат кыракый хорочуоскалара эбэтэр быыкаайык туох эмит түһэн хаалар. Дьэ ону ылаары бириэмэҥ да баранар, тарбаҕыҥ төбөтө кыайан киирбэккэ сордуур. Маннык түгэҥҥэ стикер көмөҕө кэлиэ. Быыска түспүт бытархайы стикер силимниир өттүнэн сыһыаран ылаҥҥыт дьэ өрө тыыныаххыт.

 

14. Хаадьаҥныы турар миэбэлгэ

Остуолбут эбэтэр ыскааппыт хамсыы турар буоллаҕына, тута халыҥ хордуон эбэтэр чараас мас булан уга охсобут. Ол оннугар бытархай тимир харчыны угуҥ диэн сүбэлииллэр. Харыс да хамсыа суоҕа, эбиитин эрэллээх уонна көнө буолуо дииллэр.

 

15. Аһы сойута охсорго

Үөһээ эмиэ суруйан турабыт. Бу сырыыга өссө атын сүбэ кэллэ. Сиэннэрин мииннэрин иһэ охсоору ыксыыллар, сойутан үүт кута сатыыгын эҥин. Маныаха аскын кутуох иннинэ тэриэлкэлэрин морозильникка уган тымнытан баран мииннэрин куттахха бэрт түргэнник сойуо.

 

16. Холодильник долбуурдарын сууйуу

Холодильник долбуурдарын, ас куттар контейнердары уонна духуопка иһинээҕи противень киртийдэхтэринэ, иһит сууйар массыынаҕа уктахха, раковинаҕа сууйардааҕар, аалардааҕар кирэ түргэнник баран ырааһыра түһүө.

 

16. Алдьаммыт тааһы хомуйуу

Хайа баҕарар ыалга иһит муостаҕа түһэн алдьаныан сөп. Онно кыра оҕо баар буоллаҕына өссө кутталлаах. Таас үлтүркэйдэрэ муостаҕа түһэн, ыһыллан хаалаллар, бытархайдары көрбөккө хаалыахха сөп. Маныаха бөдөҥ таастары хомуйан баран килиэби илитэн, сиигирдэн, муостаҕа баттыалаан, туох баар бытархай тааһы барытын хомуйан ылыахха сөп.

 

17. Түөркэҕэ тарбаҕы бааһырдыбат туһугар

Билигин дьэ үгүс хаһаайка түөркэнэн туттар кэмэ – хаппыыста тууһааһына, кыһыҥҥы хаһаастары оҥоруу. Сорох наһаа сытыы түөркэ тарбаҕыҥ тириитин элэс гыннаран ылан барыан сөп. Манна эмиэ биир судургу сүбэ баар: тарбаххын бааһырдыбат туһуттан түөркэлиир аскын биилкэҕэ анньаҕын,  оччотугар тарбаҕыҥ да, тыҥыраҕыҥ да бүтүн хаалыахтара.

 

18. Утуйар таҥаһы дьаарыстаан ууруу

Утуйар таҥаһы кэмпилиэгинэн уурарга, үрүт үрдүгэр дьаарыстыыбыт. Ол оннугар барытын сыттыгын хаатын иһигэр уктахха, олус табыгастаах.

 

19. Күлүүстэргин лаахтаа

Сорох дьон араас күлүүһү бииргэ илдьэ сылдьар буолаллар. Үлэлэрин, дьиэлэрин, тыа сиригэр ампаар, булуус күлүүһэ. Киһи да бутуллуох курдук. Кыһын тымныыга бутулла турбат инниттэн хас биирдии күлүүһү араас өҥнөөх тыҥырах лааҕынан соттоххутуна, тута булан ылыаххыт. Лаахтыаххыт иннинэ испииринэн эбэтэр ацетонунан сотуҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....