19.05.2026 | 17:00 | Просмотров: 127

Эмчиккэ сылдьыбакка ханнык ыспыраапкалары ылыахха сөбүй

«Госуслуги» портал нөҥүө Арассыыйа олохтоохторо бырааска тус бэйэ тиийбэккэ эрэ хас даҕаны докумуону ылар кыахтаахтар.
Эмчиккэ сылдьыбакка ханнык ыспыраапкалары ылыахха сөбүй
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олор истэригэр — эмп ыларга ырысыап, диспансер кэтээн көрүү иитинэн сүбэ-ама биэрии боротокуола уонна сэрэтэр быһыылар туһунан сэртипикээт бааллар, диэн доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко иһитиннэрдэ.

Порталга бырааска суруйтарыы, дьиэҕэ ыҥырыы, электроннай мэдиссиинэ каартатын көрүү уонна араас ыспыраапкалары ылыы номнуо баар. Ону таһынан, балыыһаҕа киириигэ направление, успуордунан дьарыктанарга мэһэйдэр суохтарын туһунан ыспыраапка, ыарыы историятыттан выписка уонна да атын докумуоннар оҥоһуллаллар, диэн суруйар РИА Сонуннара.

Маны таһынан, гражданнарга ОМС полиһын туһунан сибидиэнньэлэр уонна электроннай больничнай лиис, ол иһигэр национальнай мессенджер MAX нөҥүө киирэр кыахтаахтар. Бу бары өҥөлөр бириэмэни харыстыырга уонна поликлиникаларга уочараты тумнарга көмөлөһөллөр.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.