Элбэх оҕолоох ыалтан 294 устудьуон төлөбүрдээх үөрэҕэ компенсацияланна

2025 сыл тохсунньу 23 күнүнээҕи туругунан элбэх оҕолоох ыалтан сылдьар 294 устудьуоҥҥа үөрэхтэрин төлөбүрэ компенсацияланнна.
Маннык өйөбүл үлэ ырыынагар ордук ирдэнэр идэлэргэ үөрэнэр устудьуоннарга оҥоһуллар.
Ол курдук, компенсациянан туһаммыт устудьуоннартан 39,4% – «информационнай систиэмэлэр уонна бырагыраамалааһын», 29,5% – «сиэстэрэ», 10,5% – «физическэй култуура уонна спорт», 10,2% «асчыт, кондитер» идэлэригэр үөрэнэллэр.
Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи ыйааҕынан 23 диэри саастаах элбэх оҕолоох ыалтан устудьуон орто анал үөрэххэ төлөбүрүн сорох чааһа компенсацияланар. Ол эбэтэр кинилэргэ 50 тыһ. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан өйөбүл оҥоһуллар, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар


